1985 сыл ахсынньы 19 күнүгэр Дьокуускай — Нүөрүҥгүрү — Чита — Иркутскай хайысханан көтүөхтээх Ан-24 сөмөлүөтү иккис пилот күрэтэр уонна Кытайга илдьэр. Сөмөлүөт Кытайга аэродром булбакка рис хонуутугар «аварийнай посадка» оҥорорго күһэллэр. Быһылаан түмүгэр ким да эмсэҕэлээбэтэх. Оттон 1997 сыллаахха бу күн «Титаник» киинэ премьератыгар сылдьан «ытаабыт» киһи элбэҕэ буолуо.
Бэлиэ күннэр
- Дьадаҥыларга көмө аан дойдутааҕы күнэ
- Арассыыйа — ФСБ Байыаннай контрразведкатын чаастарын күнэ
- Украина — Адвокатура күнэ
Түбэлтэлэр
- 1863 — Англия айааччыта Фредерик Уолтон линолеуму патеннаабыт.
- 1915 — Дьокуускайга бирикээсчиттэр кулууптарыгар Василий Никифоров — Күлүмнүүр «Манчаары түөкүн» пьесатын туруорбуттар. Бу саха бастакы пьесата.
- 1927 — Саха сиригэр конфедералиистар хамсааһыннарын уодьуганныыр уонна салайааччыларыгар Павел Ксенофонтовка Карл Байкалов аатыттан албын сурук ыытар туһунан уураах ылыныллыбыт.
- 1939 — ССРС Оборонаҕа кэмитиэтин мунньаҕар Кыһыл Аармыйа сэбилээһинигэр Т-34 тааҥканы ыларга быһаарбыттар.
- 1946 — Франция урукку колониятын Индокитайы бэйэтин былааһыгар төннөрөр сыаллаах сэрии саҕалаабыт. Аҕыс сыллаах босхолонуу сэриитин Хо Ши Мин баһылыктаах Вьетнам хомуньуустара уонна националистара («Вьетминь» хамсааһын) кыайбыттара.
- 1984 — Гонконг куоратын Британияттан Кытайга 1997 сыллаахха төннөрөр туһунан декларация ылыллыбыт. Гонконг Кытай састаабыгар киирбитин кэннэ 50 сыл тухары «биир дойду, икки систиэмэ» диэн идиэйэ тутуһуллуохтааҕа этиллибит.
- 1985 — Дьокуускай — Нүөрүҥгүрү — Чита — Иркутскай хайысханан көтүөхтээх Ан-24 сөмөлүөтү иккис пилот угоннаабыт уонна Кытайга илдьибит. Сөмөлүөт Кытайга аэродром булбакка рис хонуутугар аварийнай посадка оҥорорго күһэллибит. Быһылаан түмүгэр ким да эмсэҕэлээбэтэх.
- 1997 — «Титаник» диэн киинэ премьерата буолбут.
- 2001 — Аан дойду устуоруйатыгар саамай үрдүк салгын баттааһына — 1085,6 гПа (814,3 мм рт. ст.) — Монголия хотугу Хубсугул аймагар бэлиэтэммит.
Төрөөбүттэр
- 1906 — Леонид Брежнев — ССКП КК Генеральнай сэкирэтээрэ, 18 сыл тухары дойдуну салайбыт сэбиэскэй судаарыстыбаннай, бэлитиичэскэй, байыаннай диэйэтэл.
- 1911 — Валерий Чиряев (01.02.1989 өлб.) — саха бэйиэтэ, тылбаасчыт, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ (1944).
- 1915 — Эдит Пиаф — Франция ырыаһыта, шансонье.
- 1918 — Иннокентий Бережнов-Енжов — или уонна баартыйа диэйэтэлэ, кини көҕүээһининэн Орто Халымаҕа көс эбээннэри биир сиргэ олохсутан Березовка бөһүөлэгэ тэриллибитэ. Орто Халыма улууһун уонна Бүлүү куоратын бочуоттаах гражданина, «Бочуот Знага» уордьанын икки төгүллээх кавалера, Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ.
- 1918 — Лев Солдатов (30.11.1997 өлб.) — 1969-1978 сылларга «Якуталмаз» Холбоһук генеральнай дириэктэрэ, Социалистыы Үлэ Дьоруойа.
- 1921 — Николай Горковенко — Ааллаах Үүн шахтатын «Сиэллээх» учаастагын начальнига, Социалистыы Үлэ Дьоруойа.
- 1949 — Полина Охлопкова — Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ наука уонна техника эйгэтигэр Судаарыстыбаннай бириэмиэйтин лауреата, РАЕН академига, тыа хаһаайыстыбатын науукатын дуоктара.
- 1961 — Герман Хатылаев — саха ырыаһыта, мусукаана, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа.
Өлбүттэр
- 1741 — Витус Беринг (1681 төр.), айанньыт, Арассыыйаҕа сулууспалаабыт датчанин, кини аатынан Беринг силбэһиитэ ааттаммыта.