22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

Аҕыһыгар диэри саастаах оҕоҕо больничнайы төрөппүт ыстааһыттан тутулуга суох төлүөхтэрэ

11:02, 02 сентября 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Балаҕан ыйын 1 күнүттэн аҕыһыгар диэри саастаах оҕоҕо больничнай төлөбүрэ саҥа быраабыланан 100 бырыһыан төлөнүө уонна үлэһит ыстааһыттан тутулуктаныа суоҕа. Бу туһунан «Парламентская газета» суруйар.


Госдума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин оҕолоох ыаллары өйөөһүҥҥэ утумнаах хардыы оҥоһуллубутун бэйэтин Telegram-каналыгар суруйда. Кини от ыйын 1 күнүттэн хат дьахталларга төлөбүрдэр, толорута суох ыаллары өйүүр миэрэлэр олоххо киирбиттэрин эттэ.

Саҥа миэрэ үлэ биэрээччигэ охсуута суох буолуо. Больничнайы социальнай страховкалааһын пуондатыттан быһа төлүөхтэрэ. Арассыыйа бырабыыталыстыбата ити сыалга биир миллиард курдук үбү көрбүт.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА