Бырагыраама киокусинкай каратеҕа аан дойду үс төгүллээх чемпиона Хаид Мантаев, Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка РФ Бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев көҕүлээһиннэринэн, итиэннэ РФ Уһук Илини сайыннарыы министиэристибэтэ кыттыылаах олоххо киирэр.
«Спорт киһи эргиччи сайдарыгар, үүнэр көлүөнэ дьиэ кэргэнин, уопсастыба туһугар күүстээх уонна доруобай буоларыгар көмөлөһөр. Биһиги сорукпут — тэйиччи баар оройуоннарга физическэй култуура уонна спорт уруога ыытылларыгар усулуобуйаны тэрийии», — диэн Хаид Мантаев бэлиэтээтэ, суруйда Саха НКИХ.