Бүлүү улууһуттан төрүттээх Николай Николаев бүтүн Россиятааҕы XI-с сайыҥҥы оонньуулар чэрчилэринэн ыытыллыбыт күүлэйгэ кыайыылаах үрдүк аатын ылла. Күрэхтэһии от ыйын 15-20 күннэригэр Саратов куоракка буола турар.
Николай Николаев 1 мүн. 35 сөк. иһигэр утарсааччыларын бука барыларын кэннигэр хааллартаата. Чувашияттан Александр Политов киниттэн сөкүүндэ аҥаарынан хаалла.
«Бу турнирга үһүс төгүлбүн кыттабын. Урукку өттүгэр 5х5 м. иэннээх сири охсорбут, итини быйыл 5х10 диэри улаатыннардылар. Бүгүн күүһү-уоҕу тургутар күрэхтэһиилэр буолуохтара, сарсын км. аҥаарыгар сүүрэбит. Кыттааччылар мастарыстыбыалара сылын аайы үрдүү турара үөрэдэр», — диэн Николай Николаев СИА-ҕа кэпсээтэ.
Саха сириттэн өссө күрэхтэһиигэ Вера Васильева кыттар. Күрэхтэһии балаһыанньатын быһыытынан, кыттааччылар биир сэлиэнньэттэн буолуохтаахтар. Вера Васильева ыстарааптан сылтаан төрдүс миэстэҕэ тэбилиннэ. Былырыын кини иккис миэстэни ылбытын санатар оруннаах.
Бүтүн Россиятааҕы турнирга араас регионнартан 59 эр киһи, 33 дьахтар кытынна.
Николай Николаев былырыын Дыгын Оонньууларыгар сэттис миэстэ буолбута. Оттон быйыл «Бүлүү Боотуругар» чөмпүйүөннээбитэ.