Быйыл сынньанар сиргэ баран кэлэр айаны толуйуу харчытын 17 757 үлэлээбэт биэнсийэлээх ылла. Уопсай суума 457 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэстэ диэн Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрэр.
Уһук Хоту уонна онно тэҥнэһэр сирдэргэ олорор дьон кырдьар сааһынан, эбэтэр инбэлиитинэн страховой биэнсийэҕэ тахсан баран, икки сылга биирдэ сынньана барар-кэлэр ороскуоттарын төлөттөрөр бырааптаахтар.
Бу харчынан толуйуу үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ эрэ оҥоһуллар. Ханнык баҕарар тырааныспарга: сөмөлүөтүнэн, пуойаһынан, хараабылынан, оптуобуһунан, тус бэйэ массыынатынан айан ороскуота төлөнөр.
Айан Арассыыйа иһинэн буолуохтаах. Өскөтүн омук сиригэр буоллаҕына, кыраныыссаҕа диэри төлөнөр.
Биэнсийэлээхтэр эрдэттэн Социальнай пуондаҕа тиийэн, босхо билиэти атыылаһарга анал толуону ылыахтарын сөп, эбэтэр, билиэти атыылаһан баран, кэлин төлөттөрүөхтэрин сөп.
Сайабылыанньаны «Госуслуги» портал нөҥүө эмиэ биэриэххэ сөп. Сайаапканы 10 үлэ күнүн иһинэн көрүөхтээхтэр. Харчынан толуйууну биэнсийэни кытта бииргэ ыыталлар.
Ангелина Васильева, Саха сирэ