22 Ахсынньы 22.12
  • -34°
  • $ 102,34
  • 106,54

1 №-дээх поликлиника: бырааска суруйтарыы

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Куорат бастакы нүөмэрдээх поликлиникатыгар күҥҥэ балтараа тыһыынча киһи сылдьар. Ыарыһах талон ылан көрдөрөр этэ. Билигин олох сайдан, компьютер үйэтэ буолан, сана уларыыйыылар киирдилэр.


2016 сылтан ыарыһах уһуннук кэтэспэтин диэн, электроннай уочарат олоххо киирдэ. Ол эбэтэр эрдэттэн сибээс нөҥүө талон ылан, болдьоммут бириэмэтигэр биирдэ кэлэр. Бырааска киирэргэ суруттарыы хас да көрүҥэ баар буолла. Бу өҥөнөн поликлиникаҕа сыһыарыллыбыт эрэ киһи туһанар.

Интернет нөҥүө суруйтарыы.

Республикатааҕы интернет портал өҥөтунэн туһанабыт: httpHYPERLINK «http://er14.ru/»://HYPERLINK «http://er14.ru/»erHYPERLINK «http://er14.ru/»14.HYPERLINK «http://er14.ru/»ruHYPERLINK «http://er14.ru/»/. Бу саайтка ханнык баҕарар бырааска суруттарыахха сөп. Эрдэттэн суруттарыы икки нэдиэлэ иннигэр оҥоһуллар. Үөрэтэн көрдөххө, 2015 сыл сэтинньи ыйыттан бу көрүҥүнэн 5 тыһынчаттан тахса киһи туһаммыт. Холобур, биир күн көрдөрүнэр ыарыһах ахсаанын 30%-на саайт нөҥүө. Онкологка, хирурга, оҕо бырааһыгар 100% интернет нөҥүө суруйтарар буоллулар.

Эрдэттэн суруйтаран көрдөрө сылдьар Ольга Александровна маннык этэр: «Мин кэмиттэн-кэмигэр аллерголокка көрдөрөбүн, эрдэ интернетинэн суруйтарабын уонна болдьообут кэмнэригэр кэлэбин, тута бырааска киирэбин. Манна сиэстэрэ оруола улахан, тахсан уочараты хонтуруоллуур. Онтон терапевка интернетинан суруйтаран киирэр күчүмэҕэйдэрдээх. Регистратураттан талон ылбыттары быһа киллэрбэттэр».

Ол иһин билигин биир тэҥинэн уочарат олоххо киирэн эрэр. Ол аата бу электроннай уочарат барыларын «Биир ситим уочарат» систиэмэҕэ холбоото. Бу систиэмэҕэ ыарыһаҕы көрө олорор быраас ханнык баҕарар исписэлиискэ салгыы ыарыһаҕы ыытарыгар суруйтарар кыахтанна. Иннэ гынан ыарыһах төттөрү-таары сүүрбэт. Онон ыарыһах бириэмэтигэр көрдөрөр буолла, уһуннук олорон бириэмэтин бараабат. Ол гынан баран, хойутаатаҕына уочаратын сүтэрэр.

Барыта саас-сааһынан сааһыланна диир эрдэ. Кумааҕы үлэтэ элбээн, компьютер үлэтэ кэһиллиитэ үлэни атахтыыр кыһалҕалара бааллар.

«Инфомат» уонна  поликлиника бастакы этээһигэр турар компьютердардарынан эмиэ бырааска суруйтарыахха сөп.

Манна пациент бэйэтэ страховой полис нүөмэрин уонна төрөөбүт күнүн суруйан толорор. Өскөтүн страховой полиһыҥ нүөмэрэ суох буоллаҕына, 3 этээскэ «Сахамедстрах» хампаанньа офиһа баар. Манна саҥа полис суруйан биэриэхтэрэ.

Билигин «Инфомат» нөҥүө нүөмэр ылан, анализтары туттаран эрэллэр. Урукку курдук уочарат сүтэрэн айманыы, мөккүһүү суох буолла. Сотору өссө кэҥээн бэрэбээскигэ уонна да атын анализтарга киириэ уонна этээс аайы баар буолуо.

Телефонунан суруйтарыы.

Ханнык багарар исписэлиискэ өссө телефонунан суруйтарыахха сөп. Телефон нүөмэрэ 39-45-42. Бу поликлиника ыйыталаһыыга анаммыт нүөмэрэ, онон мунаахсыйар боппуруостаргытыгар эппиэттиэхтэрэ.

Компьютерга ыарырҕатар эбэтэр интернет ситимигэр холбоно илик дьон call-центр (4112)219-303 нөҥүө бырааска суруйтарын.

Смартфонунан эмиэ бырааска суруттарыахха сөп. Бу саамай интэриэһинэй уонна түргэн ньыма. Телефонҥутугар «Запись на прием к врачу РС(Я)» диэн приложение туруоран баран киириэххитин сөп. Ол гынан баран бу «Android» смартфонҥа эрэ барсар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА