25 Муус устар 25.04
  • -5°
  • $ 92,51
  • 98,91

Ярыгин турнирыгар Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандата билиннэ

11:35, 18 января 2023
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ярыгин турнирыгар Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатыгар 19 спортсмен киирдэ — 11 бөҕөс көҥүл истиил уонна аҕыс дьахтар тустуутун бэрэстэбиитэлэ. Аан дойду араас дойдуларын тустууктара тохсунньу 25 — 30 күннэригэр Красноярскайга түмсүөхтэрэ.

СИА-ҕа састаабы кылаабынай тренер Александр Оконешников билиһиннэрдэ.

Петр уонна Алексей Копыловтар, Дьулустан Федотов (57 кг), Яков Павлов (61 кг), Константин Капрынов (70 кг), Станислав Свинобоев (74 кг), Андриан Ленскай (79 кг), Ньургун Сергин, Никита Софронов (92 кг), Андрей Аронов, Никита Хабаров (125 кг).

Дьахталлар састааптарын Ким Колодезников салайыаҕа: Ксения Леханова, Александра Копылова (50 кг), Александра Карамзина (53 кг), Севиль Назарова, Кюндюнэ Борисова (55 кг), Евгения Огородникова (57 кг), Светлана Васильева (59 кг), Лилиана Рожина (72 кг).

Бырагырааманы сиһилии манна билсиҥ (Красноярскай бириэмэтэ, Москваны кытта 4 чаас араастаһар).

https://ysia.ru/stal-izvesten-sostav-sbornoj-yakutii-na-yaryginskij-turnir/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА