25 Муус устар 25.04
  • -5°
  • $ 92,51
  • 98,91

Ыам ыйын билгэтэ. Саас саамай муҥутуур кэмэ

15:01, 03 мая 2022
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ыам ыйа — Салама ыйа. Айыыһыт түһэр кэмэ. Сахалар айылҕаҕа сүгүрүйэн, араас туому толороллор.
Ыам ыйа — саас саамай муҥутуур кэмэ.

6 — Дьөгүөрэйэп. Бастакы кус кэлэр. От бытыгырыыр, сүөһү уостаан аһыыр.
8 — ырыаһыт чыычаахтар тоҕо анньан көтөн кэлэр кэмнэрэ.
12 — хаһыҥ түһүөн сөп.
13 — киэһэлик ичигэс, уу чуумпу, онтон сулустаах түүн буоллаҕына, ардаҕа суох сайыны күүт.
14 — үчүгэй күн буоллаҕына — күһүнэ өлгөм үүнүүлээх, хаҕыс күн буоллаҕына, кыһына — тымныы.
19 — бастакы сиик түһэр. Сиигэ элбэх буоллаҕына, күһүн элбэх оҕурсуну хомуйуоҥ.
22 — сааскы Ньукуола. Кэҕэ этэр, сүөһү мэччийэн аһыыр. Сайыҥҥы хонук саҕаланар.
28 — сылаас күн буоллаҕына, сайыны быһа сылаас буолар. Ый туолуута. Сайылыкка көһөр ый.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА