22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Владимир Свеженец: үтүө уопуккутун кэпсээҥ, тарҕатыҥ

10:10, 30 июня 2017
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха Өрөспүүбүлүкэтэ кооперацияны тэрийиигэ олус үчүгэй уопуттаах. Ону сэргэ, бу ньыманы туһанан тыа хаһаайыстыбатын сайыннараргыт таһынан, нэһилиэнньэлээх пууннаргыт инфраструктураларын оҥороҕут. Ити эмиэ Россияҕа тарҕатар үтүө уопуккут”, — диэн бэлиэтиир РФ тыатын хаһаайыстыбатын Тыа сирин сайдыытын департаменын дириэктэрэ Владимир Свеженец семинар-мунньах кэмигэр.


Тыа хаһаайыстыбатын биэрэпиһин барыллаан түмүгүнэн, билигин Россия үрдүнэн бэйэ хаһаайыстыбата – 18,2, бааһынай хаһаайыстыба – 210,25, кооператив – 5,8 тыһ. тахса баара биллибитэ.

2012 с. саҕалаан РФ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ саҥа саҕалаан эрэр биирдиилээн уонна бүтүн дьиэ кэргэнинэн хаһаайыстыба тэринэр фермердергэ, улахан кооперативтарга грант анаталаан, күүскэ үлэлэһэр. Бу грант суумата сылтан сыл үрдээн иһэр. Холобур, быйыл эдэр фермердергэ бэриллэр грант – 3, дьиэ кэргэн ферматын сайыннарыыга – 30 уонна кооперативтарга – 70 мөл. солк. диэри үрдээтэ.

2012 с. саҕалаан биэс сыл устата саҥа саҕалаан эрэр фермердэргэ 13 млрд солк. тахса үбүлээһин көрүллэн кэллэ. Бу гранынан 15,4 тыһ. киһи туһанна. Оттон дьиэ кэргэн ферматын тэриниигэ барыта 11 млрд солк. көрүллэн, 4,1 тыһ. хаһаайыстыба көмөнү ылла”, — диэн иһитиннэрэр Владимир Свеженец.

Манна даҕатан эттэххэ, Россияҕа федеральнай биир кэлим субсидия диэн тэриллэн, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар дьоҥҥо чопчу көмө көрүллэр буолла. Манна анаан барыта 36 млрд солк. көрүлүннэ. Бэс ыйын 20 күнүнээҕи дааннайынан, куонкуруһу саҥа саҕалаан эрэр 1400 фермер, 385 дьиэ кэргэн хаһаайыстыбата ааспыт. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ биир бастакынан куонкуруһу тэрийэн ыыппыта. Итиннэ туһаайан Владимир Свеженец, сорох регионнар билигин да куонкуруһу ыыта иликтэрин бэлиэтээн эттэ.

Оттон кооперациялар тустарынан этэригэр, Россия үрдүнэн барыта 5839 тыа хаһаайыстыбатын кооператива баарын, олортон 391 кооперативтаах Саха сирэ кооперативын ахсаанынан, үлэтин көрдөрүүтүнэн 846 кооперативтаах Липецк уобалаһын кэнниттэн иккис миэстэҕэ иһэрин бэлиэтээн туран: “Кооперациялааһыны Саха сирэ олус үчүгэйдик ыытан иһэр. Кооперация систиэмэтин сырьену тутууттан саҕалаан бэлэм бородууктаны атыылааһыҥҥа тиийэ барытын хонтуруоллаан олороҕут. Маҕаһыыннары кытары дуогабар түһэрсэҥҥит бородууксуйаларгытын бэрт хамаҕатык батараҕыт. Ити эмиэ атын регионнарга кэпсиир үтүө уопуккут”, — диэн иһитиннэрдэ.

Сыыппаранан ылан кэпсээтэххэ, Россияҕа кооперативтары өйөөһүн 2015 с. саҕаламмыта. Иллэрээ сыл 976,7 мөл. солк. көрүллүбүт буоллаҕына, быйыл манна анаан 1,8 млрд солк. барыахтаах. Ол иһигэр федеральнай бүддьүөттэн 1,5 млрд солк., регионнартан 300 мөл. солкуобай. Былаан быһыытынан, бу граны 60 регионтан 150 хаһаайыстыба тутуохтаах.

Маны таһынан, бааһынай хаһаайыстыбаларга туһуламмыт чэпчэтиилээх кирэдьиит баарын санатан этиим. Бу систиэмэнэн билигин 25 баан үлэлиир. Ол иһигэр “Россельхозбаан”, “Сбербаан”, “Альфа-баан”, “Промсвязьбаан”, “ВТБ-баан”, “Газпромбаан”, “Росбаан”, о.д.а. бааннар бааллар.

Түмүккэ департамент салайааччыта Владимир Свеженец “Тыа сирин олохтоохтук сайыннарыы” федеральнай бырагыраама уон хайысханан үлэлиирин, быйыл бу бырагыраамаҕа, уопсайа, регионнар бэйэлэриттэн эбэр харчыларын ааҕан туран, 34 млрд солк. көрүллүбүтүн иһитиннэрдэ. Бу бырагыраама 2020 с. диэри үлэлиэхтээх.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА