12 Ахсынньы 12.12
  • -43°
  • $ 103,27
  • 108,56

«Вкус Якутии» ас бэстибээлэ сэтинньи 25 күнүгэр арыллыаҕа

16:05, 21 ноября
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Сэтинньи 25 — ахсынньы 1 күннэригэр Дьокуускайга сылын аайы ыытыллар «Вкус Якутии» ас бэстибээлэ тэриллэр. Титуллаах шеф-повардары Россия араас регионнарыттан түмүөҕэ, суруйар Путешествуем.рф.

«Вкус Якутии» тэрээһин «Зима начинается с Якутии» Россия таһымнаах бэстибээл иитинэн ыытыллар. Бырагыраамаҕа гастрономическай театрдар, повардар куонкурустара, бастыҥ сет оҥорууга рестораннар күрэхтэрэ, Арктика кулинариятын оскуолатын презентацията ыытыллыаҕа. Шеф-повардар маастар-кылаастара, рестораннар анал менюларынан астаммыт ас дьон болҕомтотун тардыаҕа.

Бэстибээл «Сколько зим, сколько зим!» коммуникационнай хампаанньаҕа киирсэр, Россия устун кыһыҥҥы айаны пропагандалыыр хайысхалаах.

Путешествуем.рф портал дойду үрдүнэн 240 кыһыҥҥы сынньалаҥ маршрутун кэпсиир. Информационнай ресурс «Туризм и индустрия гостеприимства» нацбырайыак чэрчитинэн ыытыллар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА