22 Сэтинньи 22.11
  • -31°
  • $ 100,68
  • 106,08

ВЭФ-2022 кэмигэр 3,2 тахса трлн солк үлэҕэ сөбүлэҥнэр түһэрсилиннилэр

12:34, 08 сентября 2022
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

3,2 тахса трлн солк инвестиционнай сөбүлэҥнэри VII илиҥҥи экономическай форум кыттыылаахтара түһэристилэр. Ол туһунан РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта  — Уһук Илиҥҥи уокурукка президент боломуочуйалааҕа Юрий Трутнев пресс-конференцияҕа эттэ.

Юрий Трутнев ковид кэннинээҕи бастакы форумҥа 7 тыһ тахса киһи кытынна, 260-тан тахса сөбүлэҥ уопсайа 3 трлн 255 млрд солк түһэрсиллибитин эттэ. Кини үгүс быһаарыылары Владимир Путин өйөөбүтүн иһитиннэрдэ.

«Быһаарыылар ылылыннылар, 90 хайысханан үлэлээтибит, президеҥҥэ дакылааттыыбыт. Үгүс өттө дойду баһылыгынан өйөннө, онон түргэн тэтимнээхтик хардыылыыбыт», — диэтэ Трутнев.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА