23 Сэтинньи 23.11
  • -23°
  • $ 102,58
  • 107,43

Валерий Ефремов, СӨ бааһынай хаһаайыстыбаларын ассоциациятын салайааччытын аһаҕас суруга

15:38, 02 марта 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Уус Алдан улууһун Баатаҕайыгар бааһынай хаһаайыстыба сүөһүлэрэ тымныы хотоҥҥо, сиир аһа суох көнньүнэн өлбүттэрин туһунан сонун, хомойуох иһин, кырдьыктаах буолла. Бу быһылаан тула СӨ бааһынай хаһаайыстыбаларын ассоциациятын салайааччыта Валерий Ефремов  аһаҕас суруга таҕыста.


Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!

Ватсаапка бу күннэргэ Уус Алдан улууһун Баатаҕайыгар бааһынай хаһаайыстыба хотонугар сүөһү моруу буолбут хаартыскалара таҕыстылар. Чахчы, бу хаһаайыстыба фермери өйүүр федеральнай грант ылбыта. Хотон тутан, сүөһү атыыласпыта. Хаһаайыстыба ити үлэтин отчуоттаабыта. Итинтэн салгыы хаһаайын сүөһүтүн элбэтиэхтээҕэ, баайын хаҥатарга дьулуһуохтааҕа, күүскэ үлэлиэтээҕэ өйдөнөр. Сүөһү туруга хаһаайыныттан тутулуктаах. Итини биһиги, тыа сирин дьоно, дьэҥкэ билэбит. Кэмигэр уулатан, тото-хана аһатан, эмтээн, бүөбэйдээн көрөр хаһаайын баайа хаҥыыр, элбиир. Киһи сүөһүгэ эппиэтинэһи ылынар.

Бу түбэлтэнэн сибээстээн, бааһынай хаһаайыстыбалар бэйэ-бэйэбитигэр болҕомтолоох уонна эппиэтинэстээх буоларбыт ирдэнэрин санатыахпын баҕарабын. Дьиҥэр дэриэбинэ иһигэр бары, Белолюбскайдар сөһүнү итинник көрө сылдьалларын билэ сылдьан, эрдэ кимиэхэ да эппэккэ ити түбэлтэ таҕыста диэххэ сөп. Эрдэ биллэрэн, айдаан тахсыбыта буоллар, саатар, ороскуот кыра буолуо этэ. Итинник элбэх сүөһү моруу буолан өлүө суох этэ. Ханнык да түгэҥҥэ, үчүгэйгэ да, куһаҕаҥҥа да, тиийиммэт, түгэммэт, ыарахан да кэмҥэ, үөрүүлээх, өрөгөйдөөх да кэмҥэ чиэһинэйдик быһаарсыахтаахпыт.

«Иннин тымтыктанан көрбүт суох» диэн өс хоһооно баар. Ким баҕарар кыһалҕаҕа кыһарыйтарыан сөп. Онуоха көрө сылдьан көрбөтөҕө, билбэтэҕэ буолар сыыһа. Айыы сүөһүтүн итинниккэ тиэрдии сахаҕа улахан аньыы. Тыыннаах дууһаны сордуур-муҥнуур сэттээх. Онон сүөһүлээх-астаах дьон олох ити булгуруйбат эппиэтинэһин мэлдьи өйдүү сылдьыахтаах буоллахпыт. Хараҕы харчынан эрэ бүөлээбэккэ.

Оттон грант ылбыт дьон үлэҕэ хамнаска маннык сыһыанынан бүттүүн тыа дьонун аатын-суолун ыыталлар. Маннык үлэлээх хаһаайыстыбалар өрөспүүбүлүкэ үтүө үлэлээх бааһынайдарын Россия иннигэр бүттүүн түһэн биэрэллэр. Бу түбэлтэ кэлэр өттүгэр министиэристибэ, уопсастыбаннас кыттыгастаах үлэлиир хамыыһыйатыгар грант ыларга кыттар бааһынай хаһаайыстыбаларыгар ирдэбилэ өссө күүһүрэрин, кытаатарын ирдиир.

Мантан элбэх тугу этиэҥий? Киһи да хомойор, кэлэйэр маннык хаһаайыттар баалларыттан. Бу хаһаайыстыба салайааччыларын сокуон хараҕынан эппиэккэ тардарга!

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА