22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

V сайыҥҥы ыччат тустууга Спартакиадатын II түһүмэҕэ Дьокуускайга көрөөччүтэ суох ыытыллар

18:01, 13 мая 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ыам ыйын 14-15 күннэригэр «Триумфка» буолар ыччат тустууга Спартакиадата сабыылаах эрэһиимҥэ ыытыллар. 21-гэр диэри саастаах спортсменнар кытталлар.


Россия сэттэ регионуттан кытталлара былааннанар: Саха Өрөспүүбүлүкэтэ, Амур уобалаһа, Хабаровскай кыраай, Еврейскай АУо, Забайкальскай кыраай, Приморскай кыраай уонна Бурятия Өрөспүүбүлүкэтэ. Кылаабынай судьуйа — Петр Чешкин (Амур уобалаһа), норуоттар икки ардыларынааҕы категориялаах судьуйа. Онлайн көрдөрүүнү «Триумф» ютюб ханаала тэрийиэҕэ.

Күрэхтэһии санитарнай-эпидемиологическай ирдэбили барытын тутуһан ыытыллар.

Сүүмэрдиир түһүмэх кыайыылаахтара Спартакиада финалыгар от ыйын саҕаланыыта Казаньҥа кыттыахтара (Татарстан Өрөспүүбүлүкэтэ).

Спартакиада «Спорт – норма жизни» федеральнайдааҕы бырагырааманан «Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар.


Бырагырааманы манна билис https://ysia.ru/ii-etap-v-letnej-spartakiady-molodezhi-rossii-po-sportivnoj-borbe-v-yakutii-projdet-bez-zritelej/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА