«Амма — Уус-Майа» хайысханан оптическай сибээс линията киирдэ. Түргэн интернетинэн эбии 5000 киһи туһанар буолла — Уус-Майа бөһүөлэгин, Уус-Майа улууһун Петропавловскайын уонна Амма оройуонун Сулҕаччытын олохтоохторо.
Уус-Майаҕа олунньу 12 күнүгэр оптиканы уонна төрдүс көлүөнэ суотабай сибээһи холбоотулар. Олохтоохтору Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэлээтэ.
«Бүгүҥҥү олох хаачыстыбата аныгы инфраструктураттан эрэ буолбакка, аан дойдуну кытта ситимниир сыыдам-түргэн сибээстэн эмиэ тутулуктаах. Мин «Ростелеком» хампаанньаҕа уонна суотабай сибээс оператордарыгар махтанабын. Кинилэр бэрт кылгас кэм иһигэр үлэни түмүктээн, нэһилиэнньэлээх пууннарбытыгар түргэн интернети киллэрдилэр«, — диэтэ кини.
Интернет Уус-Майаҕа 900 ыалы хабар. Онон билигин 2,5 тыһыынча бөһүөлэк олохтооҕо лимиитэ суох тарыыбы талыан, интерактивнай телевидениеҕа холбонуон уонна да атын сыыппара сервиһыгар кыттыан сөп. Уус-Майа бөһүөлэгин сэргэ бу күн Сулҕаччыга уонна Петропавловскайга киирдэ.
Өрөспүүбүлүкэ баһылыга иһитиннэрбитинэн, икки сылга Уус-Майа улууһугар 30-тан тахса социальнай эбийиэк интернеккэ холбонуоҕа, ол иһигэр бастатан туран балыыһалар, оскуолалар, баһаарынай чаастар, ФАП-тар.