“Элбэхтик туруорсаммыт нэһилиэкпититтэн 25 км үчүгэй суола-ииһэ суох Олом Күөл учаастагар бу күннэргэ суотабай сибээһэ олохтонно. Ол курдук РТКком диэн Ростелеком хампаанньа хос тэрилтэтэ ыстаансыйа туруоран, вайфай сибээһин холбоото. Бу учаастакка икки ыал олорор. “Саха сүөһүтэ” тэрилтэ тирэх хаһаайыстыбата, биир бааһынай хаһаайыстыба баар. Бу урут тигинээн-таҥынаан үлэлии олорбут учаастак этэ. Суол-иис суох буолан, дьон көһөн, билигин аҕыйах киһи олорор. Ол да буоллар бу биһиги олохтоох дьоммут буолаллар. Хаһан баҕарар кинилэри кытта сибээс наада. Онон бастакы холбонуулар буолан, дьоммут, биһиги да үөрүүбүт улахан. Онон РТКком тэрилтэҕэ махталбытын тириэрдэбит”, — диэн Прокопий Бубякин сырдатта.
Ааптар: “Амма олоҕо” хаһыат