Уус Маайа улууһун баһылыга Александр Антипин бу күһүҥҥүттэн саҥа үлэҕэ көһүөҕэ. Ол туһунан бэҕэһээ, атырдьах ыйын 3 күнүгэр, оробуочай срыыытын кэмигэр Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ.
СӨ баһылыга чуолкайдаабытынан, Антипиҥҥа өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымҥа социальнай гаастааһын эйгэтигэр үлэ миэстэтэ көрүллүбүт.
«Сибиир күүһэ» баар сиригэр газификация бырагырааматын олоххо ситиһиилээхтик киллэрэргэ — Ленскэй, Өлүөхүмэ, Алдан уонна Нерюнгри оройуоннарыгар муниципалитеттары кытта бииргэ үлэлииргэ, былаас уорганнарын уонна улахан хампаанньалар кыһалҕаларын билэр, өйдүүр киһи биһиэхэ наада», — диэн Айсен Николаев этэр.