Бэҕэһээ сарсыарда Уус Маайа оройуонугар баһаар булулунна, ол кэмҥэ баһаар иэнэ түөрт гектар. Миэстэтигэр “Авиалесоохрана” парашютнай-десантнай баһаарынай сулууспатын 11 үлэһитэ үлэлиир.
Бөлөҕү күүһүрдэргэ миэстэтигэр Амматааҕы авиасалаа бөлөҕө — Егор Неустроев салайааччылаах 15 десантник-баһаарынай көттө.
Эрдэ Саха сирин баһылыга Айсен Николаев ойуур баһаарын ахсаана сезон кэмигэр эбиллэн иһэрин иһитиннэрбитэ, билиҥҥитэ быһыы-майгы бэрээдэктэнэр кыахтаах.
Саха сиригэр ойуур баһаарын сэрэтиигэ уонна умуруорууга быйыл 5,5 миллиард солкуобай көрүллүбүт, онтон 4,1 миллиард – федеральнай үп.



