19 Алтынньы 19.10
  • -5°
  • $ 83,62
  • € 93,72

Арассыыйа олохтоохторун сэтинньигэ кылгас үлэ нэдиэлэтэ күүтэр

15:03, 19 октября
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

2026 сыл сэтинньи ыйыгар Арассыыйа олохтоохторун, Норуот сомоҕолоһуутун күнүн — сэтинньи 4 күнүн бэлиэтээһининэн сибээстээн, биир кылгас үлэ нэдиэлэтэ күүтэр. Бу туһунан РИА Новости иһитиннэрэр.

Биэс күннээх үлэ нэдиэлэлээх үлэһиттэргэ бу нэдиэлэ түөрт күннээх — сэтинньи 2 күнүттэн 6 күнүгэр диэри. Сэтинньи 4 күнэ сэрэдэҕэ түбэһэр уонна сынньалаҥ күнүнэн буолуоҕа.

Бу иннинэ Арассыыйаҕа кылгас үлэ нэдиэлэтэ бэс ыйын 8 күнүттэн 11 күнүгэр диэри Арассыыйа күнүн бэлиэтээһининэн буолбута.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА