Атырдьах ыйын 7 күнүгэр улуус дьаһалтата ИП Николай Черкашин подрядчиктаах тэрилтэни кытта Танда суолун өрөмүөннүүргэ илии баттаспыта.
Ол курдук 8 учаастакка 5,5 км усталаах үлэ ыытыллара былааннанар.Өрөмүөн үлэтэ Кыймаласпыт сайылыктан Ой бэскэ диэри ыытыллыаҕа.Суолу өрөмүөннүүр биригээдэ үлэтин бэҕэһээҥҥиттэн саҕалаата, онон Танда суолун куһаҕан учаастактара көннөрүллэн, сырыы тупсуо.
Хаалбыт 4 учаастагы көннөрүү үлэтин эһиил салҕыахтара.
Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата.