22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

Уус Алдаҥҥа «Оҕону оскуолаҕа тэрий» аахсыйа көмөтүн туттарыы саҕаланна

12:19, 30 августа
Хаартыска: Мүрү Саһарҕата
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Биир ньыгыл Россия» баартыйа ыытар «Оҕону оскуолаҕа тэрий» аахсыйатынан Уус Алдаҥҥа байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар бэлэх туттарыы бүгүҥҥүттэн саҕаланна.

Улуус баһылыга Василий Аммосов уонна «Биир ньыгыл Арассыыйа» Уус Алданнааҕы салаатын сэкирэтээрэ Күннэй Рощина ыалларга ыалдьыттаан, оҕолорго үөрэх тээбириннэрин туттардылар, Василий Иванович оҕолору кытта кэпсэттэ, ситиһиилээх үөрэҕи баҕарда.

Бу аахсыйаҕа политическай баартыйа чилиэннэрэ, байыаннай дьайыыга кыттааччылаах улууспут нэһилиэктэрин дьаһалталара, Мүрү нэһилиэгин түөлбэлэрэ уонна тэрилтэлэртэн ветеринарнай управление кытынна.

Маннык көмө бэлэҕи улууспутугар барыта 110 ыал оҕото тутуоҕа.

Мария Аргунова, Мүрү саһарҕата

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА