26 Муус устар 26.04
  • -5°
  • $ 92,13
  • 98,71

«Россия бастыҥ кыһыҥҥы олбуора» куонкурус стартаата

11:31, 26 января 2023
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Лучший зимний двор России» куонкурус «Биир ньыгыл Россия» баартыйа ыытар «Жители МКД» бырайыагын олоххо киллэрии чэрчитинэн барар.

2022 сыл ахсынньы 28 күнүттэн 2023 сыл олунньу 28 күнүгэр диэри баартыйа Россияҕа «Лучший зимний двор России» куонкурус ыытар. Сыала — куорат эйгэтигэр тупсарыныыга бастыҥ практикалары көрдөөһүн.

Куонкуруска ким баҕарар кыттара көҥүл.

Номинациялара:

Олбуорга бастыҥ кыһыҥҥы тэрээһин;

Олбуорга бастыҥ кыһыҥҥы инфраструктура;

Кыһыҥҥы олбуору бастыҥ киэргэтии.

Сайаапкалары эссе суруйан, хаартыскалаан бэриллибит сигэнэн ыытыллар, олунньу 28 күнүгэр диэри.

Олунньу 28 — кулун тутар 15 күннэригэр жюри көрүүтэ буолар, кыайыылаахтар быһаарыллаллар. Сайтка куоластааһын биллэриллэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА