2 Ыам ыйа 02.05
  • $ 91,78
  • 98,03

Саха сирин 80-тан тахса тыһыынча олохтооҕо территорияны тупсарыы быыбарыгар куоластаата

Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

82 тыһыынча куолаһы Саха сирэ 2025 сылга территорияны тупсаран оҥорууга быыбар федеральнайдааҕы бырайыагар ылла.

Бырайыакка 31 муниципальнай тэриллии кыттар. Куоластааһын муус устар 30 күнүгэр диэри ыытыллар, суруйда ЯСИА.

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Садовников муниципалитеттары кытта куоластааһын хаамыытын туһунан мунньахтаата.

«31 муниципальнай тэриллии 15 оройуоҥҥа кыттар, барыта 88 291 куолаһы хомуйуохтаахпыт. Билигин 93,4% буолла. Тэтими өссө күүһүрдүөххэ уонна саппаастаах буоларга тиийиэххэ. Сорох нэһилиэнньэлээх пууннар 300% куолаһы ыллылар, бу аата манна баһылык нэһилиэнньэтин кытта көхтөөхтүк үлэлиир, ол иһин олохтоохтор куоластыыллар», — диэтэ Садовников.

Соругу ситэ толоро илик муниципальнай тэриллиилэр бааллар: Мииринэй, Сангаар, Ленскэй, Покровскай, Чульман, Кэбээйи нэһилиэгэ, Томмот.

Сиһилии: https://ysia.ru/bolee-80-tysyach-yakutyan-prinyali-uchastie-v-golosovanii-po-vyboru-territorij-dlya-blagoustrojstva/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА