22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Урбаанньыттарга учуот туруоруу булгуччулаах буолуоҕа

17:05, 31 августа 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дьоҕус бизнескэ аа-дьуо улахан уларыйыылар киирэн иһэллэр.  Дойду үрдүнэн 2021 сыл тохсунньу 1 күнүттэн ЕНВД (единый налог на вмененный доход) диэн нолуок эрэсиимэ сотуллаары турар. Эбии дохуот аахсааччыларга профессиональнай үлэҕэ нолуок (“самозанятый”) киирэн эрэр. ЕНВД биир үксүн атыыһыттарга уонна өҥө оҥорооччуларга ордук барыстаах этэ (нолуок кээмэйэ дохуоттан буолбакка, атыылыыр былаһаакка иэниттэн тутулуктааҕа). Кэлэр сылтан урбаанньыттар бука бары УСН-ҥа (упрощенная система налогов) көһүөхтэрэ. Оччотугар учуот туруоруу (постановка учета) булгуччулаах буолар.


Нам улууһугар “Сигма-актив” ХЭТ тэрилтэ дьоҕус бизнес эйгэтигэр үлэлээччилэргэ буҕаалтыр өҥөтүн оҥоруунан дьарыктаммыта ыраатта. Салайааччы Светлана Амбросьева (Инстаграмҥа @sigma_aktiv) билиҥҥи уустук кэмҥэ урбаанньыттар үп-харчы ааҕыытын чааһыгар туох ыарахаттары көрсөллөрүн, итиэннэ үөскээбит балаһыанньаттан тахсар ханнык суоллар баалларын кэпсээтэ.

Билигин кыра тэрилтэлэргэ барыларыгар автоматизация, каасса аппараата, “Честный знак” систиэмэтэ киирэ туралларынан сибээстээн, анал бырагырааманан туһаныахха наада буолла. Үгүстэр ханныгы талан туруорарга ыарырҕаталлар. Бу тэрилтэ тугу гынарыттан, хаһаайын ханнык көрдөрүүлэринэн туһаныан баҕарарыттан тутулуктаах.

— Оттон боростуой Эксель бырагыраамаҕа судургу учуот оҥоруохха сөп буоллаҕа дии?

Эксель бырагыраамаҕа халыып оҥорор, күннэтэ илиинэн туруорар уустуктардаах даҕаны, улахан көдьүүһү биэрбэт даҕаны. Автоматизированнай анал бырагырааманы туруордахха, үлэһиттэр өттүлэриттэн уоруу тахсара, харчы итээһинэ тохтуур. Салайааччы эрдэттэн ханнык итэҕэстэр баалларын бэлиэтээн, олору туоратарга кыһаллар. Нолуок эрэсиимин төһө сөпкө талбыппыный, ханнык табаар атыыга кэмигэр барарый, үлэҕэ-хамнаска туох харгыстар тахсалларый диэн анаалыстанар. Тэрилтэ буҕаалтырдаах да буоллаҕына, анал бырагыраама кини үлэтин лаппа чэпчэтэр. Оччотугар кини отчуотун кэмигэр оҥорор, элбэх хара үлэтэ көҕүрээн, сүрүн суот-учуот үлэтэ тахсыылаах буолар. Сөптөөх бырагырааманы талан, дааннайдары киллэрэн, көдьүүстээх учуот оҥоһулуннаҕына, салайааччы харчы хамсааһынын, тэрилтэ сайдыытын кэмигэр көрөр кыахтанар.

Кэнники кэмҥэ кэтээн көрөрбүнэн, тэрилтэлэр бастаан учуоттарын хайдах саҕалыылларын билбэттэр эбит. Онон биһиги бу салааҕа күүскэ ылсан үлэлээн эрэбит. Өскөтүн учуоккун хара маҥнайгыттан сөпкө туруорбут буоллаххына, кэлин үлэлииргэр чэпчэки буолар. Манна уопуттаах, киэҥ билиилээх, идэтийбит буҕаалтыр көмөтүнэн туһаныҥ диэн сүбэлиибин. Тэрилтэ үлэтэ улааттаҕын, кэҥээтэҕин ахсын кыра-кыра уларыйыылар киириэхтэрин сөп. Биһиги бу уустук боппуруоһу кэбэҕэстик быһаарарга көмөлөһөбүт. Бу биирдэ оҥоһуллар өҥө.

— Тоҕо үгүс урбаанньыттар буҕаалтырга табыллыбаттарый?

Кэнники уон сыллаах уопуппуттан көрдөхпүнэ, дьоҕус бизнескэ эргиирдэрэ улааттаҕына, туспа буҕаалтырданаллар. Ол гынан баран манна “текучка кадров” баар буолар. Саҥаттан саҥа исписэлиис кэлэр, ол түмүгэр тэрилтэ сайдыыта атахтанар, үгүс үлэ ситэ оҥоһуллубат. Ити биир үксүн хара маҥнайгыттан үчүгэй учуот турбатаҕыттан тахсар. Урут Сойуус саҕана биир тэрилтэ хас эмэ буҕаалтырдаах буолара: дохуот-ороскуот ааҕар буҕаалтыр туспа, хамнас гиэнэ туспа, матырыйаал ааҕар туспа, тэрилтэлэри кытта аахсар туспа. Онтон билигин маны барытын биир киһиэхэ сүктэрэллэр. Биллэн турар, кини ыарырҕатар. Омос көрдөххө, тэрилтэ харчытын эргиирэ кыра, үлэһитэ аҕыйах курдук эрээри, буҕаалтыр бары салааҕа барытыгар иҥэн-тоҥон быһаарсыан наада. Ити элбэх бириэмэни, сыраны, уникальнай өйү эрэйэр. Дьэ, ол иһин “постановка учета” хайаан да оҥоһуллуон наада.

— Маныаха эһиги көмөҕүт хайдах оҥоһулларый?

Аан бастаан тэрилтэни үөрэтиэххэ наада. Ханнык көрүҥүнэн кини дьарыктанарый эбэтэр дьарыктаныан, инники биир-икки сылга тугу эбии киллэриэн баҕарарый? Үгүс предпринимательлэр хас да тэрилтэлээх буолаллар уонна бэйэ-бэйэлэрин икки ардыгар харчыларын буккуйан кэбиһэллэр. Инньэ гынан ханнык тэрилтэлэрэ ордук барыстааҕын, ханныга ночооттооҕун кыайан быһаарбаттар. Ол иһин бу тэрилтэлэр “хармааннарын” араартыахха наада. Аны тэрилтэ уратытын үөрэтэн баран, ханнык бырагыраама ордук барсарын талыахха наада. Маныаха “оптимизация налогооблажения” диэн өҥөнү, ол эбэтэр нолуогун эрэсиимин уларытыыны бииргэ оҥоруохха сөп.

Онтон бырагыраамаҕа хайдах тугу арааран киллэрэбит диэн ыйытык үөскүүр. Ол аата биир-икки ыйдаах дааннайдары эбэтэр тэрилтэ эргиирин олоччу киллэрии. Салгыы буҕаалтыры бырагырааманы хайдах туһанарга үөрэтиэххэ наада. Ол биирдэ көрдөрүүнэн муҥурдаммат. Хас биирдии дьайыыны: счет оҥоруу, акт сверки таһаарыы, поставщиктары кытта аахсыы буоллун, барытын видеоҕа устан, кумааҕыга схема оҥорон биэрэбит, ол эбэтэр нууччалыы эттэххэ “описание бизнес-процессов” диэн оҥоһуллар. Уопсай аата “разработка учетной и налоговой политики” диэн буолар. Биһиги хас биирдии үлэни ыстаан, илдьиритэн, методологическай өттүн тиийимтиэ гына быһааран биэрэбит.

-2021 сыл тохсунньу 1 күнүттэн ЕНВД суох буолаары турар. Мин санаабар, атыы-эргиэн салаата биһиэхэ улаханнык оҕустарыаҕа. Онтон сылтаан табаар сыаната эмиэ улаатыан сөп курдук. Атыыһыттарга УСН ханнык көрүҥүн талар ордук буолуой?

Мин санаабар “доход минус расход” 10%-наах ставка ордук буолара буолуо. Өскөтүн тэрилтэ салайааччыта дьонун социальнай бакыатынан хааччыйар, хаһаайыстыбаннай ороскуота элбэх, кредиттээх игин буоллаҕына, ыраас барыһыттан 10% төлүүрэ ордук курдук. Маныаха барыһа адьас кыра буоллаҕына дохуотун 1% төлүүр. Онтон дохуоттан 6% нолуокка барара атыы-эргиэн эйгэтигэр үлэлиир урбаанньыкка улахан охсуулаах буолара буолуо. Ол эрээри хас биир тэрилтэ туспа уратылааҕын учуоттаан, киниэхэ нолуок ханнык көрүҥэ ордук барсарын быһаарар ордук. 

— Дьоҕус бизнескэ ханнык анал бырагырааманан үлэлиир ордугуй?

— “1С” бырагыраама кэбэҕэс уонна көдьүүстээх, сыаната да удамыр дии саныыбын. Кини атыыһыттарга ордук табыгастаах. Кыра маҕаһыыннар “Розница” диэни биир үксүн ылаллар. Сорох хас да туочукалаах, кэҥээбит тэрилтэлэр “1С: Управление торговлей” диэнинэн тутталлар. “Управление нашей фирмой” диэн арыый сайдыылаах бырагырааманы туһанааччылар да бааллар. Улахан, кыахтаах тэрилтэлэр “1C Фреш” диэни тутталлар. “Розницаттан” ураты бу бырагыраамалар бары облачнайдар. Ол эбэтэр Интернет нөҥүө ыраахтан толоруллар кыахтаахтар.  

Өҥө оҥорооччуларга “Контур” бырагыраама ордук табыгастаах. Сыаната сылга 3,5 тыһ. солк. саҕалаан 18 тыһ. солк. диэри. 1С көрүҥүттэн көрөн сыллааҕы төлөбүрэ 30-35 тыһ. солк. курдук буолар.

“1С Розница” уонна “1С: Управление розницей” бырагыраамалар бэйэ-бэйэлэриттэн сүрүн уратылара тугуй?

— 1С:Розница — судургу бырагыраама. Дьоҕус эрээри эргиирэ улааппыт маҕаһыыҥҥа атыыһыт да, атыылаһааччы да өттүттэн уоруу, сүтүү тахсааччы. Кыра уорууну хаһаайын өйдөөн хаалымыан да сөп. Бу бырагыраама атыы хаамыытын, учуоту, инвентаризацияны, табаар сыанатын, дисконтнай каартанан скидканы, каасса аппараатын, штрих-код сканерын кытта үлэлэһиини кыраҕатык кэтиир. Атыыһыт үлэтин чааһын хайдах туһаммытын көрөр. Буҕаалтыр бырагырааматын кытта сибээстээх. Араас отчуоттары туруоран биэриэххэ сөп.

“Розница” бырагыраама маҕаһыын эрэ үлэтин көрдөрөр буоллаҕына, “1С: Управление торговлей”  атын операциялары барытын онорор. “Два в одном” диэххэ сөп.

Клиеннары кытта сыһыаны, үп-харчы эргиирин, атыы-эргиэн хаамыытын, ыскылаат үлэтин, анаалыс уонна хонтуруол араас көрүҥнэрин барытын дьүөрэлиир. Функционала элбэх, таһыма үрдүк. Интернет-маҕаһыыны кытта сибээстиэххэ сөп.  

— Кэпсээниҥ, сиһилии быһаарыыҥ иһин махтал. Эһиги тэрилтэҕит Намҥа үлэлиир. Онтон атын улуус урбаанньыттара өҥөҕүтүнэн туһаныахтарын сөп дуо?

— Чугас эргин улуустарга баран үлэлэһиэхпитин сөп. Холобур, илин эҥэр уонна киин улуустарга дуогабар түһэрсэр санаалаахпыт.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА