22 Сэтинньи 22.11
  • -33°
  • $ 100,68
  • 106,08

«Умнас» айан суолугар 30-тан тахса килэмиэтири быйыл өрөмүөннүөхтэрэ

Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Быйыл 38 килэмиэтирдээх суолу «Умнас» регионнааҕы айан суолугар өрөмүөннүөхтэрэ. Ленскэй, Өлүөхүмэ, Хаҥалас улуустарын территориятыгар үлэ барыаҕа.

Өлүөхүмэҕэ куорат киинигэр 7,5 килэмиэтирдээх учаастагы түмүктүөхтэрэ. Манна тротуар, уу ыытар лотоктар, турбалар, уулуссаны сырдатыы, оптуобус тохтобуллара уонна суол бэлиэлэрэ оҥоһуллуохтара.

Дьокуускайга «Умнас» 11 — 20 килэмиэтирэ оҥоһуллар. Эбийиэк оптуобус тохтобуллардаах, тротуардаах, тыаһы хааччахтыыр экраннаах уонна элеменнээх буолуоҕа, олор түөрт балаһалаах суолга куттал үөскээбэтин хааччыйыахтара.

Хаҥалас улууһугар 147 — 169 уонна Ленскэй оройуонугар 980 — 1000 км учаастактарга үлэ салгыы ыытыллыаҕа.

Владимир Путин көҕүлээбит «Безопасные качественные дороги» национальнай бырайыагынан эрдэ «Умнас» суолга уопсайа 185 килэмиэтир оҥоһуллубута.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА