12 Ахсынньы 12.12
  • -42°
  • $ 103,27
  • 108,56

Улуустар тыа хаһаайыстыбатын миэстэтигэр сайыннарар хайысхаларын бэйэлэрэ быһаарыахтара

Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Ил Түмэн депутаттара сэтинньи 27 күнүнээҕи мунньахтарыгар тыа хаһаайыстыбатын сүрүн боппуруостарыгар кэпсэттилэр, ол эбэтэр «О наделении органов местного самоуправления государственными полномочиями в сфере АПК» уларытыылары, көннөрүүлэри киллэриигэ. Саҥа сүүрээн туох үчүгэйи киллэриэҕэй, ол туһунан аграрнай бэлиитикэҕэ кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Александр Атласов эттэ.

Атласов эппитинэн, сокуон 2012 сыллаахха ылыллыбыта уонна бу сыллар усталарыгар элбэх уларытыыны көрүстэ. Ол иһигэр, холобур, 2019 сыллаахха тэриллиилээх хаһаайыстыбалар үүт туттарар буолбуттара, онтон кэтэхтэр ыанар ынахтарын төбөтүгэр субсидия ылбыттара.

«Билиҥҥи уларыйыылар оройуоттар баһылыктарыгар уонна оройуон сэбиэттэрин депутаттарыгар 14 көрүҥҥэ баһылыыр-көһүлүүр хайысхаларын бэйэлэрэ талыналларыгар быраап биэрэр. Олор ортолоругар саҥа хайысха – үбүлээһин, кыра инвестбырайыактарга субсидия биэриитэ, 50 төбөҕө диэри хотон тутуута, сылгы баазатын, сайылык тутуу, 200 туоннаҕа диэри оҕуруот аһа киирэр хортуоппуй уурар сир тутуута», — диэтэ депутат.

«Эрдэ бу эбийиэктэр туорга таһаарыы түмүгүнэн быһа субсидиялары биэрии састаабыгар бааллара, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ талыыны тэрийэн ыытара. Саҥа уларыйыы киирбитинэн, билигин эбийиэктэри тутуу үбүлээһинэ субвенция быһыытынан олохтоох тэриллиилэргэ бэриллэр. Сокуон Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕын толорууга тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччыларын сайдыыларыгар олук ууруоҕа», – быһаарда Александр Атласов.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА