3 Ыам ыйа 03.05
  • $ 92,05
  • 98,64

Уһук Илиҥҥэ 244 000 гектарга ойууру чөлүгэр түһэриэхтэрэ

10:01, 15 мая 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ойууру чөлүгэр түһэрии Уһук Илин биэс регионугар саҕаланна. 244,5 тыһ га сири хабыахтара. Ити ааспыт сылы кытта тэҥнээн көрдөххө, чиэппэр курдугунан элбэх. Саха сиригэр уонна Хабаровскай кыраайга ордук болҕомто ууруллар. Бу туһунан ТАСС-ка Уһук Илин ойуур хаһаайыстыбатыгар Департамена иһитиннэрдэ.


Регионнарга ойууру чөлүгэр түһэрии «Сохранение леса» федеральнайдааҕы бырагырааманан оҥоһуллар. «Экология» национальнай бырайыакка киирсэр. Россиятааҕы ойуур хаһаайыстыбата иһитиннэрэринэн, 2019 сыллаахха 200 тыһ. гектартан тахса сиргэ ойуур чөлүгэр түһэриллибит.

«Быйыл 244,5 тыһ. гектарга былааннанар», — диэтэ департамент сотруднига Евгений Ермаков. Забайкальскай уонна Хабаровскай кыраайдарга, Бурятияҕа, Амурскай уонна Еврейскай автономнай уобаластарга үлэ саҕаланна.

Ойууру чөлүгэр түһэрии, Чукоткаттан ураты, Уһук Илин бары регионнарыгар ыытыллар. Улахан иэни Саха сирэ уона Хабаровскай кыраай ылаллар. Бу регионнар ойууру чөлүгэр түһэриигэ лидердар — Хабаровскай кыраайга 5,2 тыһ. га, Саха сиригэр — 8 тыһ. га иэннээх сиргэ 2020 сылга былаанныыллар.

Сиһилии манна аах: https://ysia.ru/na-dalnem-vostoke-provedut-raboty-po-vosstanovleniyu-lesov-na-244-tys-ga/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА