20 Муус устар 20.04
  • 13°
  • $ 93,44
  • 99,58

Уһуйааҥҥа сыһыаннаах өйөбүл миэрэ тула ыйытыыларга хоруйдар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Аҕалара анал байыаннай эпэрээссийэҕэ хабыллыбыт, уһуйааҥҥа сылдьар оҕолордоох төрөппүттэри төлөбүртэн босхолууллар. Маныахха кэккэ ыйытыыларга исписэлиис хоруйдаата.

Ыйытыы: Чааһынай уһуйааҥҥа сылдьар оҕолор төрөппүттэрэ төлөбүртэн босхолонуохпутун сөп дуо?

Хоруй: Ил Дархан тустаах дьаһалынан көрүллэр өйөбүл миэрэҕэ өссө чааһынай уһуйааннар хапсар буоллулар. Чааһынай уһуйааҥҥа сылдьар оҕолордоох төрөппүттэр эмиэ төлөбүртэн босхолоноллор. Судаарыстыба бу ороскуотун барытын уйунар.

Ыйытыы: төрөппүт төлөбүрүттэн босхолооһун оҕо уһуйааны бүтэриэр диэри дуу эбэтэр быстах кэмҥэ дуу?

Хоруй: Тустаах миэрэ оҕо аҕата (сокуоннай бэрэстэбиитэлэ) байыаннай сулууспаҕа сылдьарын тухарын көрүллэр.

Ыйытыы: Оҕобутун улууска ыыппыппыт, онно уһуйааҥҥа сылдьар. Сайабылыанньаны ханна биэрэбитий олорор сиринэн дуу, ханна бэлиэтэниллибитинэн (прописка) дуу?

Хоруй: Сайабылыанньаны пропискалаах сиргэ бэриллэр. Ол эрээри, оҕо улуус уһуйааныгар сылдьар түгэнигэр сайабылыанньаны оҕо ханнык уһуйааҥҥа сылдьар сиригэр ыытыллар. Сайабылыанньа сабыылаах ханаалынан туһааннаах тэрилтэҕэ тиийэр. Өскөтүн туох эмэ уустуктар үөскээтэхтэринэ, оробуочай бэрээдэк быһыытынан быһаарсыахха сөп.

Ыйытыы: Бу көмөнөн туһанарбар туох докумуон ирдэнэр?

Хоруй: Паспорт, оҕо төрөөбүтүн туһунан сибэдиэтэлистибэтэ.

Ыйытыы: Кэргэммин кытта арахсыбыппыт, оҕом аҕата хомуурга хапсыбыта. Маннык түгэҥҥэ төрөппүт төлөбүрүттэн босхолонуохпун сөп дуо?

Хоруй: Өскөтүн төрөппүттэрэ арахсыбыт, ол эрээри, оҕо төрөөбүтүн туһунан сибэдиэтэлистибэтигэр аҕатын аата сурулла сылдьар буоллаҕына, уһуйааҥҥа төрөппүт төлөбүрүттэн босхолоноҕут.

Ыйытыы: Тустаах боппуруоһунан эһиэхэ сүбэ ыларга сурутуохха сөп дуо?

Хоруй: Байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар дьон оҕолорун уһуйааҥҥа төлөбүртэн босхолуур өйөбүл миэрэнэн, уопсайынан, оскуола иннинээҕи саастаах оҕолор боппуруостарынан СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтигэр (Бырабыыталыстыба 2-с нүөмэрдээх дьиэтэ) 302-с хоско эбэтэр 50-69-18 нүөмэринэн билсиэххитин сөп.

Ааптар: Людмила Попова, Саха сирэ

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА