2022 сылга тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар барыта 12 млрд 496 мөл солк, ол иһигэр өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан 11 млрд 850 мөл солк, федеральнайдааҕы хааһынаттан 645,9 мөл солк көрүлүннэ диэн суруйбуппут.
Муниципалитеттарга тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыыны өйүүллэригэр анаан 6 млрд 554 мөл солк тыырылынна. Бу 2021 сылы кытта тэҥнээтэххэ, 14%-нан элбэх.
— 3,1 млрд солк 62,0 туонна үүтү оҥорон таһаарыыга.
— 1,3 млрд солк тахса үп ЛПХ-ларга сүөһүнү иитиини өйүүргэ.
— 456,8 мөл солк үүнээйини олордууга, сылгы иитиитигэр (биэҕэ 3 тыһ солк), Арктика, хоту уонна промышленнай оройуоттар тэриллиилээх хаһаайыстыбаларыгар ыанар ынахха — 45 тыһ солк.
— 214,8 мөл солк сүөһү, сылгы этин, бурдугу, хортуоппуйу, аһаҕас сиргэ үүннэриллибит оҕуруот аһын бэлэмнээһиҥҥэ саҥа механизмнары киллэриигэ.
— 2022 сылга 1,2 млрд солк үбүлээһиннээх тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорон таһаарааччылар ороскуоттарын сабыыга субсидия бэриллиитэ оннунан хаалла. Маны сэргэ Уһук Илини сайыннарыыга министиэристибэнэн табаны иитиигэ материальнай-техническай хааччыйыы баар.