30 Алтынньы 30.10
  • -17°
  • $ 97,33
  • 105,44

Тыа хаһаайыстыбатын академията "Анаабыр алмаастара" тэрилтэҕэ исписэлиистэри бэлэмниэҕэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Тыа хаһаайыстыбатын академията уонна «Анаабыр алмаастара» ААО сөбүлэһиигэ илии баттаатылар. Бу докумуон чэрчитинэн хардарыта бииргэ дьайсан үлэлээһин кэҥиэхтээх.


«Тыа хаһаайыстыбатын академията «Анаабыр алмаастара» тэрилтэҕэ наадалаах исписэлиистэри бэлэмнээн таһаарыаҕа. Бу икки өттүттэн туһалаах сөбүлэһии. Маннык үөрэх кыһата өйөнүөхтээх », — диэн суруналыыстарга компания генеральнай дириэктэрэ Павел Маринычев этэр.

Тыа хаһаайыстыбатын академията дойду хотугу-илиҥҥи өттүгэр биир бөдөҥ үөрэх тэрилтэтэ.

«Үөрэх кыһата тыа хаһаайыстыбатыгар эрэ буолбакка, промышленноска үлэлиир идэлээх дьону бэлэмнээн таһаарар. Ону таһынан экологтары, биологтары. Оттон «Анаабыр алмаастара» ААО сир баайын туһаҕа таһаарар эрэ буолбатах, тыа хаһаайыстыбатынан эмиэ дьарыктанар. Онон түһэрсиллибит сөбүлэһии улахан көдьүүстээх буолуоҕа», — диир тыа хаһаайыстыбатын академиятын ректора Иван Слепцов.

Сөбүлэһиини түһэрсии таһынан Маринычев «Технопарк Якутия» автономнай тэрилтэ өйөбүлүнэн 2015 сыллаахха тэриллибит «Ситим» кииҥҥэ сырытта. Манна научнай-чинчийэр, бэтэринээрдэр, экологтар диагностыыр үлэлэри ыыталлар. Киин 20 мөл.солк. суумалаах аныгы тэрилинэн ситэриллибит-хоторуллубут.

«Биһиги компаниябытыгар биир үксүн олохтоох дьон үлэлииллэр. Онон, бу үөрэх тэрилтэтин кытта хардарыта үлэлииргэ улахан интэриэстээхпит», — диир Маринычев.

Академия үлэһиттэрэ СИА-ҕа эппиттэринэн, түһэрсиллибит сөбүлэһии чэрчитинэн «инженер-механик» кафедарта аһыллар. Манна үөрэнэр устудьуоннар «Анаабыр алмаастарыгар» практикаларын ааһыахтара.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА