23 Сэтинньи 23.11
  • -22°
  • $ 102,58
  • 107,43

Тулунаҕа Киинэ-Маарыйаны, Киинэ-Кууһуманы чиэстээтилэр

16:37, 04 мая 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Россия үрдүнэн биллэриллибит киинэ сылын чэрчитинэн, Уус Алдан улууһун Тулуна сэлиэнньэтигэр Үлэ, Эйэ, Маай бырааһынньыгын үөрүүлээх тэрээһинигэр олохтоох киинэ механиктарын чиэстээтилэр.


Бу киэһэ нэһилиэккэ киинэ сайдыытыгар дьоһун кылааттарын киллэрбит киинэ механиктара Гаврил Бурцев, Кузьма Кириллов, Мария Троева, Анна Дегтярева ааспыт үлэлэрин кэрчик кэмнэрин дуоһуйа ахтан-санаан аастылар.

«Урут үчүгэй киинэни көрдөөн, түүннэри атын нэһилиэктэргэ айанныырбыт. Индийскэй киинэ былдьаһык буолара. Саала иһигэр биир да миэстэ ордубата. Нэһилиэк олохтоохторо күргүөмүнэн кэлэллэрэ. Күн ахсын кэриэтэ киинэ көрдөрөрбүт», — диэн Гаврил Бурцев кэпсиир.

Дьокуускайга кинопрокат тэрилтэтэ баар буолан, сэбиэскэй кэм саҕана атыылаһыллыбыт киинэни кулууптарга ыытан көрдөрөллөрө. Оччотооҕу киинэ механиктара дьону араас кыһалҕаларыттан аралдьытан, үөрүүнү-көтүүнү эрэ аҕалаллара мэлдьэх буолбатах. Олохтоохтор саҥа киинэ кэлэрин оҕолуу истиҥник күүтэллэрэ-кэтэһэллэрэ.

Бу киэһэ Киинэ-Маарыйа, Киинэ-Кууһума тустарынан барҕа махтал, истиҥ эҕэрдэ тыллара этилиннилэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА