Быйыл Томпо оройуонугар тулаайахтарга анаан тутуллубут иккис дьиэ үлэҕэ киирдэ. Саха сирин Судаарыстыбаннаһын күнүгэр алта эдэр киһи саҥа кыбартыыралар күлүүстэрин туттулар.
Саха сирин доруобуйа харыстабылын министрэ Михаил Охлопков, Томпо улууһун баһылыга Георгий Герасимов, баһылыгы бастакы солбуйааччы Иван Афанасьев уонна да атыттар эҕэрдэлээтилэр. Хаандыга бөһүөлэгин уонна Томпо эбээн нэһилиэгин дьаһалталарын, ОДьКХ ГУП Томпотооҕу филиалын, улуустааҕы пенсионнай салаа, киин балыыһа коллективтарын ааттарыттан бэлэхтэри туттардылар.
Былырыын дьиэни тутууга туордаһыыга «Атлант» ХЭТ кыайан аҕыс киһилээх биригээдэни ааспыт күһүнтэн үлэлэттэ. 238 кв. м уопсай иэннээх алта кыбартыыралаах толору хааччыллыылаах олорор дьиэ суумата 14 060 тыһ. солк. Саҥа кыбартыыраларга Тополинайтан түөрт уонна Кириэс Халдьаайыттан, Хаандыгаттан биирдии тулаайахтар олоруохтара.
Тополинайтан биир кыбартыыраны 26 саастаах Татьяна Погодаева ылла. Түөрт бииргэ төрөөбүттэртэн Татьяна биир быраата армияҕа сулууспалаан кэлэн баран, икки сыллааҕыта тулаайаҕынан Хаандыгаҕа кыбартыыра ылбыт.
Татьяна Альберт Погодаевтыын алта сыллааҕыта ыал буолбуттар. Эдэр ыал үс оҕолоохтор. Улахан оҕолоро Женя диэн ааттаах уол, онтон икки кыыс: үс саастаах Айлика уонна алта ыйдаах Аксель. Уоллара алта саастаах Женя кыра сылдьан ыалдьан сыыстаран кулгааҕынан истибэт. Кинини эмтэтэ Санкт-Петербурга баран ый буолан кэллилэр. Альберт дьоно ыстаадаҕа үлэлииллэр, эдэр ыалга кыахтара тиийэринэн көмөлөһөллөр.