1906 сыллаахха, Василий Никифоров — Күлүмнүүр тэрийбит Сахалар сойуустарын чилиэннэрэ, Дьокуускай Думатын дьокутааттарын үлэлээн бүтэллэригэр модьуйбуттар. Кинилэр саха омуга Сахатын сирин бас билиэхтээх уонна бэйэтин салайыныахтаах диэни туруорсубуттар. Бу туһунан сиһилии Бикипиэдьийэ бүгүҥҥү бэлиэтээһинигэр аах.
Бэлиэ күннэр
- Ииндийэ — Дойду таһыгар олорор индиецтэр күннэрэ.
Түбэлтэлэр
- 1127 — Чжурчженнэр Хотугу Кытайга баар ол саҕанааҕы аан дойду саамай улахан куоратын Бяньцзини (Кайфэн) сэриилээн ылбыттар уонна талаабыттар. Хотугу Сун судаарыстыбата суох буолбут, бүтэһик императоры чжурчженнэр бэйэлэрин дойдуларыгар хоту көскө ыыппыттар.
- 1634 — Сахалар Өлүөнэ остуруогун төгүрүйбүттэр, олунньу 28 күнүгэр дылы оннук олорон баран бороҕоннор уонна хаҥаластар тыл тылларыгар киирсибэккэ баран хаалбыттар.
- 1799 — Улуу Британияҕа аан дойдуга бастакынан подоходнай нолуок киллэриллибит.
- 1906 — Арассыыйаҕа 1905-1907 сыллааҕы өрөбөлүүссүйэ буола турдаҕына Василий Никифоров — Күлүмнүүр тэрийбит Сахалар сойуустарын чилиэннэрэ икки сүүстэн тахса буолан Дьокуускай Думатыгар кэлэн, мунньах буола турдаҕына дьиэҕэ киирэн дьокутааттары үлэлээн бүтэллэригэр модьуйбуттар. Кинилэр сүрүн этиилэрэ – Саха омуга Сахатын сирин бас билиэхтээх уонна бэйэтин салайыныахтаах диэни туруорсуу. Дьокутааттар “саҥа састаап талыллыар диэри үлэбитин тохтотобут” диэн үлэлэрин тохтоторго күһэллибиттэр. Губернатор Виктор Булатов өлөрдүү уолуйан Петербурга “инородецтар бас баттах баран эрэллэр, суһаллык 200 киһилээх уонна пулеметтаах этэрээти ыыта охсуҥ” диэн дакылааттаабыт. Сотору кэминэн Сахалар сойуустарын Киин Кэмитиэтин чилиэннэрэ кистэлэҥинэн хаайыллыбыттара, онтон бэйэни салайыныы туһугар хамсааһын 1917 сыллаахха дылы уостубута.
- 1919 — Гражданскай сэриигэ Арассыыйа соҕуруу өттүгэр сэриилэһэр үрүҥнэр Добровольческай аармыйаларын «хара барон» Петр Врангель баһылаабыт.
- 1930 — Саха сирин улуустара билиҥҥи кыраныыссаларынан тэриллибиттэр. Онон сорох улуустар төрүттэммит күннэрин-дьылларын мантан ааҕаллар. Ол курдук Бүлүү, Мэҥэдьэк, Өлүөхүмэ, Сунтаар уонна Уус Алдан оройуоннара тэриллибиттэр.
- 1992 — Астрономнар устуоруйаҕа бастакынан Күнтэн атын сулус таһыгар планеталары булбуттар.
- 2007 — Сан-Францискоҕа Macworld презентациятыгар Apple хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Стив Джобс бастакы iPhone-у көрдөрбүт.
Төрөөбүттэр
- 1908 — Симона де Бовуар — Франция суруйааччыта, бөлүһүөгэ, феминизм идеологиятын төрүттээччитэ.
- 1909 — Юрий Шафер — Дьокуускайдааҕы Космофизическэй чинчийии уонна аэрономия институтун төрүттээбит физика-математика билимин дуоктара, ССРС билимҥэ уонна техникаҕа Государственнай бириэмийэтин лауреата, Аҕа дойду Улуу сэриитин кытыылааҕа.
- 1939 — Иван Романов — Саха сирин устуоруйатын чинчийбит учуонай, устуоруйа билимин хандьыдаата.
Өлбүттэр
- 1944 — Максим Жадейкин — Алдан оройуонун военкоматыттан ыҥырыллыбыт Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа (1944).