Үс хайысханан «Тиксии» муора пуордун, пассажирдар терминалларын уонна «Найба» пуордун тутуу федеральнай таһымҥа, Москваҕа улахан мунньахха көрүллүбүтүн туһунан Ил Дархан Айсен Николаев «Якутия24» ханаалга интервьютугар эттэ.
Ил Дархан этэринэн, бу тырааныспар инфраструктурата сайдыыта инникитин баайдаах сири туһаҕа таһаарыыга олук буолуо. «Билигин баар Тиксии пуорда уонна пассажирскай терминал, саҥаттан тутуу, улахан өрөмүөн үлэлэрин эрэйэллэр. Итиннэ инникитин таһаҕаһы тириэрдиигэ Найба пуордун тутуута улахан суолталаах. Пуорду тутуу чох, ньиэп уонна гаас саппаастаах улахан сирдэри сайыннарарга кыаҕы биэриэ. Ону сэргэ, Күчүс хайа бырамыысыланнай комплексын иһинэн дьоҕус кыамталаах атомнай ыстаансыйа тутуллуо», — диэн Ил Дархан Айсен Николаев кэпсээтэ.
Өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын биир сүрүн соругунан – тырааныспар комплексын сайыннарыы буолар, ол инникитин хотугу таһаҕаһы таһыыны уона Хотугу муора суолун кытары сибээстээх буолуо диэн кини быһаарда.