Төрүөҕүттэн инбэлиит оҕолоох төрөппүттэр страховой биэнсийэлэригэр эбии харчы ылаллара сокуонунан бигэргэннэ. Бу туһунан «Парламентская газета» суруйар.
Эбии харчыны төрүөҕүттэн инбэлиит оҕолоох төрөппүттэр саастарынан страховой биэнсийэлэригэр итиэннэ инбэлиитинэн страховой биэнсийэлэригэр ылыахтара.
Харчы суумата инбэлииккэ төлөнөр эбии харчы үс гыммыт бииригэр тэҥнэһэр.
Арассыыйаҕа биэнсийэҕэ эбии харчыны быһа холоон 15 тыһ төрөппүт ылыан сөп.
Сиһилии манна көр https://ysia.ru/roditeli-invalidov-s-detstva-smogut-poluchit-garantirovannye-vyplaty-k-pensii/