«Ааспыт өрөбүллэргэ быһааччылар этэрээттэрэ балыксыттары көрдөөһүҥҥэ, булууга уонна быыһааһыҥҥа үлэлээтилэр», — диэн СӨ быыһыыр сулууспатыттан Афанасий Николаев иһитиннэрэр.
Кулун тутар 6 күнүгэр сулууспа дьуһуурунайын суһал звоногар массыынанан Табаҕа тоҕойугар балыктыы барбыт дьонтон тыллабыр киирбит. Үс эр киһи киэһэ кэлэрдии тэринэн барбыттар эрээри, төннөр чаастарыгар күүстээх тыал түһэн, суолларын бүөлээбит, аны уматыктара бүппүт.
Көмөҕө туруммут биригээдэ сотовай сибээс үчүгэйдик үлэлиир буолан айаннарыгар моһуогурбут дьону түргэнник булбуттар.
Саха сирин быыһыыр сулууспата сэрэтэр: ыраах айаҥҥа турунаргытыгар хайаан даҕаны техникаҕыт туругун бэрэбиэркэлээҥ, сылаас таҥастаах, аһыыр астаах сылдьыҥ, ханна тиийиэхтээх сиргитин чугас дьоҥҥутугар чуолкайдык этиҥ, сибээскэ суһаллык тахсар аныгы технологияларынан туһаныҥ.