Сунтаарга «Чебурашка» оҕо сайдар киинигэр урут үлэлээбит, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор бэтэрээннэри кытта билиҥҥи кэлэктиип көрсүһүүлэрэ буолла. Дьыссаат иитиллээччилэрэ көхтөөх кыттыыны ыллылар.
Прапорщик Александр Неустроев кырачаан оҕолору байыаннайдыы хаамыыга үөрэтэн, ыҥырыктаах ыалдьыттар иннилэригэр бэрт оттомноохтук туттан, хамаанданы чуолкайдык толордулар. «Маладьыастар, инники эрэллэрбит, эйэлээх олоҕу тутуохтаах кэскиллээх ыччаттарбыт!», — дэстилэр мустубут бэтэрээннэр. Итиэннэ ырыа ыллаан, араас омук үҥкүүтүн толорон бэлэхтээтилэр, хомуска оонньоон үөртүлэр.
Бу күн сэрии тулаайаҕа, Тойбохой нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Степан Степанович Сылгытов ыалдьыт быһыытынан ыҥырыллыбыта тэрээһини сэргэхситтэ, ситэрэн-хоторон биэрдэ. «Кини бэйэтэ айбыт хас да хоһоонун аахпыта барыбытын долгутта. Ыалдьыппыт элбэх кэпсээннээх киһи буолан биэрдэ. Оҕо саадын үлэһиттэрэ эрдэттэн бэлэмнэнэн, итии чэйдээх, толору астаах остуолу бэлэмнээн, күрэхтэһии арааһын ыытан, көрү-нары көҕүлүттэн тутан, биһиэхэ сэргэхсийиини оҥордулар. Иитээччи Мария Васильева олоҥхотун сэргии истэн дуоһуйдубут», — диэн кэпсиир педагогическай үлэ бэтэрээнэ Галина Евсеева.