Сунтаарга бэҕэһээҥиттэн саҕалаан, ардах түһэр.
Түүнүн тоҥорон, сарсыардаттан уулуссалар, киһи хаамар сирдэрэ мууһунан бүрүллэн, халтараан.
Олохтоохтор бэйэ-бэйэлэрин сэрэхтээх буоларга ыҥыраллар.
«Ардах таммалыыр тыаһа иһиллэрэ наһаа үчүгэй», диэн олохтоохтор кэпсииллэр.



