Сунтаар улууһугар «Лоҥкур» бааһынай хаһаайыстыбатын салайааччыта Александр Попов кыстык этэҥҥэ ааһан эрэрин, от саппааһын, эбии аһылыгы, саҥа төрүөҕү, күннээҕи үүт ыамын туһунан кэпсээтэ. Фермаҕа биэс буолан, 100-тэн тахса сүөһүнү көрөллөр.
Лоҥкурдар ыанар ынахтарын ахсаана 40 төбө. Салайааччы Александр Попов ааспыт сайын Сунтаар улууһугар өтөрүнэн буолбатах ойуур баһаара туран, ол содулугар курааннаан от, зеленка үүнүүтэ мөлтөҕүн, кыстыкка кырыымчык аһылыктаах киирбиттэрин бэлиэтээтэ. Сүөһүнү тэҥэ сылгылаахтар, сибиинньэ эмиэ иитэллэр.
Аһылык боппуруоһугар «Кириэстээх» ТХПК дириэктэрэ Владимир Егоров кэмигэр кыһаллан, сүүрэн-көтөн улаханнык көмөлөспүтүгэр, махтанарын биллэрэр. Кириэстээхтэн 40-тан тахса туонна зеленканы, 10 туонна оту аҕалбыттар, Тойбохойтон 12 туонна оту, 15 туонна сенаһы тиэйбиттэр. Итини сэргэ чэпчэтиилээх сыананан 10 туонна уотурбаны атыыласпыттар. Онон быйылгы ыарахан кыстыгы этэҥҥэ туоруулларыгар бигэ эрэллээхтэр.
Ынах төрөөһүнэ хойутаан саҕаламмыт. 13 ньирэй туруга үчүгэй. Маассабай төрүөх бу муус устар ыйга буоларын кэтэһэллэр. Бу күннэргэ биирдии ыанар ынахтарыттан 8-9 киилэ үрүҥ илгэни ылаллар.
Үүттэрин уруккута «Бойом» аатынан биллэр, билиҥҥитэ » Үрдэл» үүт собуотугар туттараллар. Кыһыннары, сайыннары бастайааннай кыраапыгынан кэлэн, үүттэрин тиэйэн бараллар. Туттарыллыбыт үүттэрин харчыта кэмигэр кэлэ турар буолан, үлэһиттэр санаалара-оноолоро, настырыанньалара үчүгэй.
Эһиил, тэриллибиттэрэ 30 сылын туолуохтаах, «Лоҥкур» бааһынай хаһаайыстыбата күн-дьыл ыараханын, араас эриирдэрин этэҥҥэ ааһан, тулуйан, Сунтаар сэлиэнньэтин дьонун-сэргэтин үрүҥ аһылыгынан хааччыйар.
Ааптар: Иван Чагдинскай, «Сунтаар сонуннара» хаһыат.