22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Сунтаар Быйакытыгар хотон суулунна

16:09, 03 марта 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Кулун тутар 2 күнүгэр киэһэ 6 чаас саҕана Сунтаар нэһилиэгиттэн чугас баар Быйакыга Владимир Ананьев хотонун үөһэ өттө сууллубутун туһунан тыллабыр киирбитэ. 


Хотон сууллар кэмигэр үлэһиттэр сүөһүлэрин киэһээҥи мэччирэҥнэригэр сырытыннаран баран, атын дьиэҕэ чэйдии олорбуттар. « Дьиэ үөһэ өттө хотон ортотугар күр гына кэлэн түспүт. Сүөһүлэр хотон икки кытыытыгар бааллан турбуттар. Онон, дьолго киһи, сүөһү эчэйиитэ тахсыбата», — диэн улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын специалиһа Маргарита Яковлева иһитиннэрдэ.

Хотоҥҥо 114 сүөһү турбутуттан, 35-һэ ыанар ынах уонна 16-та быйылгы төрүөх ньирэйдэр.

«Тыллабыр киирээтин кытта тута миэстэтигэр тиийэн сүөһүлэри атын хаһаайыстыбаларынан илдьитэлээтибит. Билигин туохтан маннык быһылаан тахсыбытын быһаарар сыаллаах Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн анал хамыыһыйа кэлэрин күүтэбит. Бүгүн бэйэбит мунньахтаан, нэһилиэнньэ, олохтоохтор күүстэринэн, хотону чөлүгэр суһаллык түһэрэргэ диэн быһаарыы ылынныбыт», — диэн Маргарита Михайловна салгыы кэпсиир.

Хаһаайын Владимир Ананьев 2015 сыллаахха «Бааһынай хаһаайыстыбаҕа олоҕурар дьиэ кэргэн фермата» диэн федеральнай граҥҥа тиксэн, 5 мөл.солк. ылан, 100 сүөһү киирэр хотонун ааспыт сыл күһүнүгэр үлэҕэ киллэрбитэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА