Хой
Урукку сыыһаларгын, алҕастаргын хатылаабат курдук гына ааспыты ырытан көр. Чугас дьоҥҥор бэйэҕин кыана тутун, уордайыма.
Оҕус
Эн иннигиэр уустук сорук турар буоллаҕына доҕотторгуттан, чугас дьоҥҥуттан өйөбүл, көмө көрдөһөртөн кыбыстыма. Кинилэр үөрүүнү кытары көмөлөһүөхтэрэ, кыһалҕа көдьүүстээхтик быһаарыллыаҕа.
Игирэлэр
Бириэмэни сөптөөхтүк аттарар кэм тосхойуоҕа. Былааннаныы ситиһиигэ тириэрдиэҕэ. Ылсыбыт дьыалаҕын аныгыскыга диэн хаалларыма. Чугас дьоҥҥор болҕомто уур, өйөбүл-тирэх буол.
Араак
Дьоһуннах кэпсэтиини ыытарга табыгастаах күн. Докумуоҥҥа илии баттаһыыта, дьылабыай кэпсэтии таһаарыылаах буолуоҕа. Былааҥҥын олоххо киллэрэргэ ситиһиилэр тосхойуохтара.
Хахай
Дьиэ кэргэҥҥэ эйэҕэс сыһыан үөскүөҕэ. Чугас дьоҥҥун кытары кэпсэтиттэн сүрэҕин дьолунан туолуоҕа. Саҕалаабыт дьыалаларгар эн быһаарыныыҥ уонна дьулуһууҥ ситиһиигэ тиэрдиэҕэ.
Кыыс
Дууһаҥ күүһэ үрдүөҕэ, санааҥ күүһүрүөҕэ. Дьаныардаах үлэҥ дьон-сэргэ махталын ылыаҕа. Бу күнү туруоруллубут сыалы ситиһэргэ уонна тулалыыр эйгэни кытта сибээһи бөҕөргөтөргө туһан.
Ыйааһын
Дьылабыай сыһыаннаһыыны олохтуурга табыгастаах күн. Өйгүн-санааҕын, ис туруккун хонтуруолланнаххына бары ыарахаттары этэҥҥэ туоруоҕун.
Скорпион
Күн иккис аҥарыгар соһуччу урукку доҕотторгун кытары көрсүөҥ. Ол үтүө түмүктээх буолуоҕа, ааспыт кэмнэри санатыаҕа.
Охчут
Ис турук күүрүүлээх, тэтимнээх түгэнинэн туолуулаах күн күүтэр. Төһө да күүрүүлээх күн буоллар киэһэ ситиһиилээх, түмүктээх буолуоҕа.
Чубуку
Туһата суох кэпсэтиилэртэн, хаҕыс сыһыантан дьалты тутун. Дьоһуннаах соруктаргар болҕомтото уур.
Күрүлгэн
Бүгүн болҕомтолоох уонна сэрэхтээх буоларгар сулустар сүбэлииллэр. Тус олох тиэмэтин ырытыыттан тутун, хоп-сип тарҕаныан сөп.
Балыктар
Доруобуйаҕытыгар, ордук аҕам саастаахтар болҕомтото ууруҥ. Бу күн бэйэҕитигэр уонна чугас дьоҥҥутугар кыһамньылаах буолуҥ, иммунитеты бөҕөргөтүүгэ бириэмэҕитин ууруҥ.
Аһаҕас источниктартан ылылынна.