26 Кулун тутар 26.03
  • -19°
  • $ 84,19
  • 92,34

Сулустар кэпсииллэр. Кулун тутар 21 күнэ

09:15, 21 марта
Текст:
Хаартыска: СИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Хой

 

Дьон эйигиттэн сүбэ-ама көрдүөхтэрэ. Эн уопутуҥ баай. 

Оҕус

Лидер буоларгар сөптөөх бириэмэ кэлбит. Дьон эйигин батыһыахтара уонна өйүөхтэрэ дииллэр сулустар. Инниҥ диэки баран ис. 

Игирэлэр

 

Билигин саҕалаабыт үлэҥ кэлин тус олоххор да, үлэҕэр да улахан оруоллаах буолуоҕа. 

Араак

Тулалыыр дьонуҥ баҕар сыыһаларгын этиэхтэрин сөп. Өһүргэммэккэ тускар туһан. Бэйэҕин туораттан көрөн сыаналаа. Олус туһалаах буолуо эйиэхэ диэн этэллэр сулустар. 

 

Хахай

Бүгүн муударай санаалардаах, саҥа идеялардаах буолуоҕуҥ. Дьоҥҥо сүбэ-ама биэриэҥ. Ол эрэн сорох дьон ону өйдөөмүөхтэрин сөп. Онон көмөҕө наадыйар эрэ диэбит дьоҥҥо сүбэлээ диэн этэллэр сулустар. Холобур, бэйэҕиттэн балыс дьоҥҥо. 

Кыыс

Бүгүҥҥү күнү бэйэҕэр эрэ аныаххын баҕарыаҥ. Дьонтон туора тутун, үлэҕэр элбэх бырайыак ылыма. Бары болҕомтону – бэйэҕэр. 

Ыйааһын

Дьону кытта үлэлииргэр үчүгэй күн. Сыалгын араас атын ньыманан ситиһиэҥ. 

Скорпион

Бэйэҥ эрэ туһунан буолбакка, дьон туһунан эмиэ санаа. Оннук гымматаххына, өйдөспөт түгэн тахсыан сөп. Атын киһи санаатын истэ, өйдүү үөрэн. 

Охчут

Сыалгын ситиһэргэр хас да ньыманы толкуйдаа. Оччоҕо түргэнник ситиһиэҥ. 

Чубуку

Олус наҕыл күн. Сынньанарга сөптөөх күн. Эйигиттэн туох да тутулуга суох бүгүн. Кимниин да этиһимэ диэн сүбэлииллэр сулустар. 

Күрүлгэн

Бүгүҥҥү күнүҥ ситиһиилээх буолуон сөп. Олорон хаалыма. Дьону кытта билис, кэпсэт, баран-кэлэн ис. Бүгүн оҥорбутуҥ кэлин олус туһалаах буолуо. 

Балыктар

Улахан суолталаах кэпсэтии тахсыа. Дьоҥҥо үчүгэй өйдөбүлү хааллара сатаа. 

Аһаҕас источниктан ылылынна.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Ключевые слова