Социальнай хантараак түһэрсэн, кыаммат дьоҥҥо, ыалларга көмөлөһөр бырагыраама 2012 сылтан үлэлиир. Сыл аайы 400-500 ыалга көмө оҥоһуллар. Дьоҥҥо дьиҥ туһалаах бырагыраама буоларын олох көрдөрөн, салгыы сайдар тосхоллоох. 2017 сыл тохсунньу 1 күнүттэн бырагыраамаҕа уларыйыылар киирбиттэрэ.
“Аччык киһиэхэ балыгы буолбакка, күөгүнү биэр” диэн өс хоһооно баар. Олус сөптөөх этии. Тоҕо диэтэххэ, аччык киһи балыгын сиэн кэбиһэн баран, сарсыҥҥы күнүттэн эмиэ аччыктаан барар. Оттон күөгүнү ыллаҕына, хас күн аайы бэйэтэ балыктаан, айаҕын булунар кыахтаах.
Үбүлээһин өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн барар. Тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра дохуоттаах ыалга (ортотунан), эбэтэр соҕотоҕун олорор киһиэхэ бэриллэр. Маннык көмөнү, бастатан туран, элбэх оҕолоох кыаммат ыалга биэрэллэр.
Туохха туһаналларый?
[vc_row][vc_column][vc_message message_box_style=»3d» message_box_color=»grey»]
Бу көмө сирдээх, хаһаайыстыбалаах киһиэхэ бэриллэр:
1. Дьиэ кыылын (сүөһүнү, сылгыны, көтөрү, хоруолугу, күндү түүлээх кыылы, мүөттээх тигээйини) атыылаһарга, иитэргэ;
2. Тыраахтардары уонна тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин атыылаһарга;
3. Оҕуруот аһын, отоннору, үүнээйини үүннэрэргэ.
Ону тэҥэ индивидуальнай предприниматель быһыытынан регистрацияланан, өҥөнү оҥорууга эмиэ бэриллэр.
[/vc_message][/vc_column][/vc_row]
Кимиэхэ биэрэллэрий?
[vc_row][vc_column][vc_message message_box_style=»3d» message_box_color=»grey»]
1. Сайабылыанньалаах киһи (ыал) өрөспүүбүлүкэҕэ биэстэн аҕыйаҕа суох сыл олорбут буолуохтаах;
2. Үлэтэ суох диэн статустаах буоллаҕына;
3. Предприниматель, эбэтэр бааһынай хаһаайыстыба, юридическай сирэй салайааччытын быһыытынан регистрацияламматах буолуохтаах;
4. Кэнники биэс сылга үлэтэ суохтар ахсааннарыгар киирсэн, дьарыктаах буолуу сулууспатыттан көмө ылбатах, үөрэммэтэх буоллаҕына;
5. Куортамҥа биэрэр дьиэтэ, кыбартыырата, массыыната суох буолуохтаах;
6. Приставтар ирдииллэрин курдук, иэһэ суох буолуохтаах.
[/vc_message][/vc_column][/vc_row]
Социальнай хантараагы биэс сылга биирдэ эрэ биэрэллэр. Сайабылыанньалаах киһи үлэ булан, дохуот киллэрэн, дьарыктаах буоларыгар уонна хаһаайыстыбатын сайыннаран, дьиэ кэргэнин иитэригэр, уопсайынан, ыарахан балаһыанньаттан тахсарыгар көмөлөһөр сыаллаах.
Биирдэ бэриллэр көмө кээмэйэ: дьиэ кэргэн ыйдааҕы дохуотуттан тиийинэн олоруу кээмэйин көҕүрэтэллэр, онтон ол араастаһыытын хантараак хас ыйга түһэрсиллибитигэр төгүллүүллэр. Ортотунан 100-150 тыһ. солк. буолар.
Социальнай хантараак үс ыйтан биир сылга диэри болдьохтоох буолуон сөп. Болдьох уһатыллыан эмиэ сөп. Дуогабар түһэрсиллибитин кэнниттэн, 5 күн иһигэр, харчы счекка түһэр.
Көмө ылбыт киһи чектэри, докуомуоннар куоппуйаларын көрдөрөн, ый аайы отчуоттуур. Анал хамыыһыйа кэлэн, көрөн-истэн барар.
Өскөтүн, кини ыйыллыбыт болдьох кэмигэр ылбыт харчытын атыҥҥа тутуннаҕына, өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр көһөн бардаҕына, үс ыйтан ордук кэмҥэ отчуотун туттарбатаҕына, эбэһээтэлистибэтин толорботоҕуна, социальнай көмүскэл управлениета дуогабары тохтотон кэбиһэр бырааптаах. Оччотугар бу киһи ылбыт харчытын барытын үс ый иһигэр төнүннэриэхтээх. Төнүннэрбэтэҕинэ, дьыалатын суукка биэрэллэр.
Ханнык докумуон ирдэниллэрий?
[vc_row][vc_column][vc_message message_box_style=»3d» message_box_color=»grey»]
1. Дьиэ кэргэн чилиэннэрин пааспардарын, төрөөбүтүн туһунан сибидиэтэлистибэлэрин куоппуйалара;
2. Кэнники үс ыйга дохуот туһунан ыспыраапка;
3. Дьиэ кэргэн састаабын туһунан ыспыраапка;
4. Үлэ киниискэтин дааннайдара (кэнники үлэлээбит сирин туһунан) – үлэтэ суох дьоҥҥо;
5. Дьарыктаах буолуу сулууспатыгар учуокка турарын, көмө, босуобуйа ылбытын туһунан сибидиэнньэлэр;
6. Дьиэ кэргэн материальнай балаһыанньатын туһунан анкетаны толоруу;
7. Тус хаһаайыстыбаны сайыннарыы, эбэтэр предприниматель быһыытынан үлэни тэрийии туһунан былаан;
8. ЕГРИП уонна ЕГРЮЛ систиэмэлэргэ предприниматель уонна бааһынай хаһаайыстыба, юридическай сирэй салайааччыта быһыытынан турарын/турбатын туоһулуур ыспыраапка;
9. Хамсаабат баайга-дуолга биир кэлим судаарыстыбаннай реестртэн выписка;
10. ГИБДД ыспыраапката (массыына баарын/суоҕун туһунан);
11. Биэнсийэ пуондатыттан сайабылыанньалаах киһи, дьиэ кэргэнин чилиэннэрин тус счеттарын выписката;
12. Приставтарга иэһэ суоҕун/баарын туһунан ыспыраапка.
[/vc_message][/vc_column][/vc_row]
Болҕойуҥ! Социальнай хантараак улуус, эбэтэр куорат социальнай көмүскэл управлениеларын нөҥүө бэриллэр. Онон бастаан онно баран билсэргит ирдэнэр. Туох усулуобуйалааҕын, хапсаргытын-хапсыбаккытын быһаччы үлэлэһэр исписэлииһи кыта кэпсэтэн эрэ баран, докумуон хомуйан саҕалыыгыт.
[vc_row][vc_column][vc_message message_box_style=»3d» message_box_color=»grey»]
Ыспыраапка: 2013-15 сылларга барыта 2066 кыаммат ыалы, 1995 соҕотох олорор дьону кытта хантараак түһэрсиллибитэ.
2015 сылга 48 мөлүйүөн суумалаах 400 хантараак түһэрсиллибитэ.
2016 сылга 493 кыаммат ыалга көмө оҥоһуллубута. Тыа сирин сайыннарыы бырагырааматын чэрчитинэн, көрүллүбүт үп-харчы 85%-на тыа сиригэр олорор дьоҥҥо, ыалга бэриллэр.
[/vc_message][/vc_column][/vc_row]