22 Сэтинньи 22.11
  • -33°
  • $ 100,68
  • 106,08

Сииттэ кыра нэһилиэгэ Кыайыы дьыалатыгар бэйэтин күүһүн түмэр

16:01, 06 февраля
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Кэбээйи улууһугар Сииттэ кыра нэһилиэгин олохтоохторо Кыайыыны уһансыыга бэйэлэрин күүстэрин киллэрсэллэр.

— Билигин биһиги олус түмүстүбүт. Бары биир киһи курдук анал байыаннай дьаһал барыта этэҥҥэ түмүктэнэригэр баҕарабыт. Блиндаж чүмэчитин оҥордубут, мааска-сиэткэ бэлэмнээтибит. Салгыы куоракка илдьиэхпит, штабка туттарыахпыт, — диэтилэр.

Сииттэ олохтоохторо СВО кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр көмө-тирэх буолалларын эмиэ умнубаттар. Волонтердар куруук оттор мас бэлэмигэр, муус ылыыга, хаар ыраастааһыҥҥа көмөлөһөллөр.

РФ Президенэ Владимир Путин эрдэ бэлиэтээбитинэн, Россияҕа волонтердарынан уонна бэйэ баҕа өттүнэн көмөлөһөөччүлэринэн нэһилиэнньэ 25% хабыллар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА