22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Сэтинньи 28 күнэ. 1908 сыллаахха Амур өрүһүнээҕи флотилия тэриллибит - Бикипиэдьийэ

09:01, 28 ноября 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бэлиэ күннэр

Түбэлтэлэр

  • 1627 — Речь Посполита флота Олива аттыгар саамай бөдөҥ уонна тиһэх кыайыытын ситиспит. Швеция флагман хараабылын былдьаабыт, өссө биир хараабылы тимирдибит.
  • 1893 — Саҥа Зеландияҕа аан дойдуга бастакыннан дьахталлар бүтүн дойдутааҕы быыбарга кыттыбыттар.
  • 1908 — Арассыыйаҕа Амур өрүһүнээҕи флотилия тэриллибит.
  • 1917 — Эстония провинциятын мунньаҕа Эстония сувереннай дойду буоларын биллэрбит.
  • 1925 — Турцияҕа «Бэргэһэ сокуона» олоххо киирбит, уруккулуу тюрбан уонна феска кэтиитэ бобуллубут, бары арҕааҥҥылыы сэлээппэ кэтиэхтээх буолбуттар. Ататүрк реформаларыттан «бэргэһэ сокуона» саамай улахан утарсыыны көрсүбүт. Дойдуну биир гына тюрбаннары уонна фескалары бобуу утары бырачыастар ааспыттар. Ону хам баттаары оннооҕор биир куораты крейсертэн ытыалаабыттар. Сокуон 2014 сыллаахха биирдэ көтүрүллүбүтэ.
  • 1943 — Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр Сталинградтааҕы кыргыһыы түмүгэ биллибитин кэннэ Тегераннааҕы конференция саҕаламмыт. ССРС басхана Иосиф СталинАХШ бэрэсидьиэнэ Франклин Делано Рузвельт уонна Улуу Британия премьер-миниистирэ Уинстон Черчилль Ираан киин куоратыгар Тегераҥҥа бастакытын көрсүбүттэр уонна сэрии стратегиятын туһунан сүбэлэспиттэр.
  • 1946 — Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтэ «Ньурбаҕа нефтебаза тэрийэр туһунан» уураах ылыммыт.
  • 1958 — ЧадКонго уонна Габон Франция импиэрийэтин иһинэн автономнай өрөспүүбүлүкэ буолбуттар.
  • 1990 — Британия премьер-миниистирэ Маргарет Тэтчер Консерватордар партияларын салайан бүппүт, онон премьер дуоһунаһыттан уурайбыт. Икки дуоһунаһыгар иккиэннэригэр кинини Джон Мейджор солбуйбут.
  • 1991 — Соҕуруу Осетия Грузияттан тутулуга суох буолбутун туһунан биллэрбит.
  • 2001 — Дьокуускайга быыбар айдаана. Бэрэсидьиэҥҥэ турбут хандьыдааттарга үлэлиир Москубаттан сылдьар пиарщиктары борукуратуура доппуруостуур.
  • 2006 — Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Вячеслав Штырову салгыы иккис болдьоҕор өрөспүүбүлүкэ бэрэсидьиэнинэн аныырга Ил Түмэҥҥэ этии киллэрбит.
  • 2017 — Дьокуускайга ГРЭС-2 бастакы уочарата үлэҕэ киирбит.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА