22 Сэтинньи 22.11
  • -31°
  • $ 100,68
  • 106,08

Сэтинньи 21 күнүттэн массыыналар сырыылара көҥүллэниэ

14:52, 18 ноября 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Бүлүү» федеральнай суол сорох хайысхатынан айан-сырыы олохтоно илик эрээри, Бүлүү өрүһү массыыналар уора-көстө туораабыттара ыраатта. Билиҥҥи туругунан Сунтаар улууһугар Устье аннынан массыыналар сырыылара көҥүллэнэн турар.


Бу күннэргэ «Ньурба улууһа» муниципальнай тэриллии дьаһалынан, Күндээдэ уонна Дьаархан нэһилиэктэрин аннынан мууһу бөҕөргөтүү үлэлэрэ саҕаланнылар. Онтон сэтинньи 21 күнүттэн бу учаастактарынан 2 тоннаҕа диэри ыйааһыннаах массыыналар сырыылара көҥүллэниэ.

«СӨ массыына суолларын управлениета» ГКУ иһитиннэрбитинэн, «Кэбээйи» региональнай таһымнаах суолугар Ааһыма – Кэбээйи учаастагынан 30 тоннаҕа (үрэҕи туорааһыҥҥа), Кэбээйи – Кальвица хайысхатынан 5 тоннаҕа диэри итиэннэ «Алдан» суолугар Дьабарыкы Хайа – Хаандыга учаастагынан 3 тоннаҕа диэри айан-сырыы олохтонно.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар