6 От ыйа 06.07
  • 15°
  • $ 78,84
  • 93,01

«Умнас» айан суолугар видеокамералары туруордулар

16:36, 16 августа 2024
Текст:
Хаартыска: Саха сирин суоллара салалтаттан
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Умнас» айан суолугар үс сиргэ видеокамералары туруордулар. Хонтуруол суол 11-с, 13-с уонна 16-с килэмиэтирдэригэр баар буолла. Ол туһунан Саха сиринээҕи суол салалтата иһитиннэрэр.

Камералар массыына саахала аччыырыгар көмөлөһөллөр, суоппардар хайдах түргэннээх айанныылларын кэтииллэр. Көҥүллэммит түргэтии — биир чааска 40 килэмиэтирэ диэн Саха сиринээҕи суол салалтата чопчулаата.

Ону таһынан видеокамералары өссө «Нам» айан суолугар туруоруохтаахтар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА