Сарсын, ахсынньы 19 күнүгэр, 11 чаастан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ сыллааҕы Туһаайыы оҥоруоҕа.
Регион салайааччыта ааһан эрэр сыл түмүктэрин иһитиннэриэҕэ уонна кэлэр сылларга өрөспүүбүлүкэ сайдыытын хайысхаларыгар туһаайыылары, соруктары туруоруоҕа.
Быһа биэриини «Якутия 24», «Саха» НКИХ, «Россия 24» ханаалларга көрүөххэ уонна «Тэтим» араадьыйаҕа истиэххэ сөп.