Саха сирин түөрт куоратыгар химическэй веществоҕа салгын туругун быһаарыыга алта боруоба сөптөөх концентрациятын (ПДК) көрдөрүүтэ үрдүгүн бэлиэтээтэ. Түмүгү от ыйын 10 күнүгэр сарсыарда ЫБММ регионнааҕы салаатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Ленскэй, Нерюнгри, Мииринэй, Алдан куораттарын салгынын бэрэбиэркэлээтилэр. Ленскэйгэ диоксид азот үрдүк, Нерюнгрига — «взвешеннай веществолар», Мииринэйгэ — диоксид азот уонна оксид углерод, Алдаҥҥа — диоксид азот.
От ыйын 10 күнүгэр барыта 46 боруоба оҥоһулунна Өлүөхүмэ, Мииринэй, Үөһээ Бүлүү, Ленскэй, Алдан, Өймөкөөн, Нерюнгри уонна Сунтаар оройуоннарын салгыныгар, маны сэргэ Дьокуускай куоракка.
Космостан мониторинг дааннайынан, буруо 48 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа Өлүөхүмэ, Ленскэй, Мииринэй, Нерюнгри, Алдан, Сунтаар оройуоттарыгар баар. Умайыы буруотуттан, угарнай гаастан доруобуйаҕа сүһүрүүү бэлиэтэммэтэ.