Дьокуускайга кулун тутар 4 күнүгэр бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи сахалыы тылынан «Барҕарыы» научнай-практическай кэмпириэнсийэ оҕолорго арылынна. 380-тан тахса оҕо араас улуустан кыттар. Ол туһунан ЯСИА-ҕа тэрийээччи, «Барҕарыы» национальнай пуонда дириэктэрэ Афанасий Постников эттэ.
Муниципальнай түһүмэххэ 415 оҕо сайаапка биэрбититтэн, киин куоракка 383 кыттааччы кэллэ. Кэмпириэнсийэ 16 секциялаах, төрөөбүт тылга, педагогикаҕа, култуураҕа, историяҕа, физикаҕа, математикаҕа, IT-технологияҕа, экономикаҕа, оҥорон таһаарыыга уо.д.а. тиэмэлэринэн оҕолор чинчийиилэрин кэпсииллэр.
Хас секция ахсын 20 оҕо кыттар, 7 — 11 кылаастар. 48 эксперт үлэлиир.
Кэмпириэнсийэ бүгүн түмүктэнэр. 120 оҕо кыайыылаах буолар, кинилэр икки нэдиэлэҕэ сайыҥҥы лааҕырга путевка тутуохтара.