«Сахафильм» киинэ хампаанньатын «Любимой Адеми на память» диэн бырайыага тутулуга суох судаарыстыбалары кытта бииргэ үлэлэһии шорт-лииһигэр киирдэ, диэн Эдэр саас суруйар.
Бу күннэргэ Санкт-Петербурга «Лендок» киинэ устуудьуйатын үбүлүөйүнэн питчинг ыытылынна. Ол түмүгэр «Сахафильм» бырайыага шорт-лиискэ киирдэ уонна бырайыагы көмүскүүргэ ыҥырылынна.
«Саха сиригэр киинэ индустрията сайдар сылларын тухары элбэх исписэлиис таҕыста. Эрдэ өрөспүүбүлүкэ иһигэр эрэ интэриэс баар эбит буоллаҕына, билигин биһиги киинэлэрбит эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы таһымҥа таҕыстылар», — диэн Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтиир.
«Сахафильм» киинэ хампаанньатын дириэктэрэ Сардана Саввина иһитиннэринэн, бу бырайыак икки сыл иһинэн тахсара былааннанар. «Билигин инвестордары кытта кэпсэтэ сылдьабыт, логистиканы, устуу кыраапыгын толкуйдуубут. «Кыргызфильм», «Таджикфильм», «Узбекфильм» киинэ устуудьуйаларын салайааччылара биһиги бырайыакпытын сэҥээрдилэр, бииргэ үлэлииргэ бэлэмнэрин иһитиннэрдилэр», — диэн Саввина этэр.
Эрдэ суруллубутунан, бу сылга быракаакка өссө 20 киинэ тахсара былааннанар. Киинэлэр күһүн уонна кыһын тахсыахтара.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.